“Я-россиянин” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа салҕанар

Share

Саха сиригэр, атын эрэгийиэннэргэ курдук, алтынньы 15 күнүттэн сэтинньи 15 күнүгэр диэри “Я-россиянин” Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо култуурунай-сырдатар аахсыйата ыытыллар. Аахсыйа Арассыыйа Бэрэсидьиэнин Владимир Путин Норуот сомоҕолоһуутун күнэ бигэргэммитэ 20 сылыгар ананар.

Аахсыйа сыалынан эдэр көлүөнэҕэ Нороут сомоҕолоһуутун күнүн туһунан киэҥ билиини иҥэрии буолар. Аахсыйа дойду бары уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэрин 4-5 кылаастарыгар цифровой интерактивнай уруок көрүҥүнэн  ыытыллар.

“Я-россиянин” аахсыйаҕа цифровой уруогу тэрийиигэ Арассыыйаҕа Национальностар дьыалаларыгар федеральнай агентствотын салайааччыта Игорь Баринов кытынна. Кини Арассыыйа туһунан киинэ каадырын тас өттүгэр уонна “Золотом правиле нравственности” киинэҕэ тиэкиһи аахта . Оскуола виртуальнай учууталын Анна Андреевна оруолун Арассыыйа Норуоттарын дьиэтин дириэктэрэ Анна Полежаева толордо.

Аахсыйаҕа кыттар туһугар педагогтар www.яроссиянин.рус саайтка регистрацияланыахтаахтар, ол кэннэ цифровой уруок матырыйаалын ылыахтаахтар. Уруок кэннэ учууталлар сайт тус кэбиниэтигэр киирэн анал анкетаны толоруохтаахтар уонна ол кэнниттэн аахсыйаҕа кыттыбыттарын туһунан электроннай сэртипикээти ылыахтара.

Аахсыйа түмүгэр социологическай чинчийии ыытыллыаҕа.

Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа түмүктэрин Арассыыйа Федерациятын Конституциятын күнүгэр ахсынньы 12 күнүгэр Арассыыйа Уопсастыбаннай палататыгар таһаарыахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

52 минуты ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

3 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

4 часа ago