Як-40 зондировщик Өлүөхүмэ уонна Горнай улуустарыгар искусственнай ардаҕы түһэрэ көттө
СӨ Экологияҕа министиэристибэтин дааннайдарынан, ааспыт сууккаҕа Саха сиригэр барыта 59,6 тыһ. га иэннээх сэттэ ойуур баһаарын умуруорбуттар уонна 157 га иэннээх биэс баһаары бохсуйбуттар. Як-40 зондировщик Өлүөхүмэ уонна Горнай улуустарыгар искусственнай ардаҕы түһэрэргэ үлэлии барда диэн бүгүн, от ыйын 30 күнүгэр, СӨ экологияҕа миниистирин солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрэр.
Ойуур баһаардарын Аллайыаха, Эдьигээн, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар умуруорбуттар. Оттон Ленскэй, Мииринэй, Сунтаар уонна Нерюнгри улуустарыгар бохсуллубуттар.
Андрей Коноплев информациятынан, бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 18 улууһугар барыта 137 ойуур баһаара баар. Манна 1763 киһи, 175 тиэхиньикэ үлэлиир. Бэҕэһээ 18 салгын суудуната көппүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: