Як оҕото Марта Саҥа дьылынан эҕэрдэлиир
Мииринэй оройуонугар баар «Живые алмазы» айылҕа пааркатыгар төрөөбүт, иниспиэктэр Александр Михайловы кус оҕотун курдук батыһа сылдьар, муус маҕан өҥнөөх, як оҕотун өйдүүргүт буолуо.
Билигин як оҕото Марта балачча улааппыт, хоп-хойуу түүлэммит, муоһа улаатан эрэр, бэйэтэ этэҥҥэ улаатан иһэр. «Живые алмазы» айылҕа пааркатын үлэһиттэрэ киниэхэ Саҥа дьыллааҕы киэргэли, «Клевая девочка» диэн суруктаах бэргэһэни кэтэрдэн баран, сөбүлүүр аһылыгынан күндүлээтилэр. «Як оҕото Марта Саҥа дьылынан эҕэрдэлиир» диэн видеону тарҕаттылар.
2024 сыл кулун тутар 23 күнүгэр як Юля муус маҕан өҥнөөх оҕону төрөппүтэ. Оҕотун Марта диэн ааттаабыттара. Ол эрээри, ийэтэ үүтэ суох буолан, иниспиэктэрдэр кинини коза үүтүнэн аһатан, бүөбэйдээн улаатыннарбыттара. Ол иһин як оҕото кинилэргэ олус убаммыта, күнү быһа кэннилэриттэн сырса сылдьар этэ.
Муус-маҥан түүлээх, уп-уһун кыламаннаах, хап-хара чоҕулуйбут харахтаах, хойуу түүлээх кутуруктаах, ыт оҕотун курдук бойборуйбут Мартаны киһи эрэ таптыах курдук этэ.
Төрүөҕүттэн, кыһыл оҕо курдук, эрэсииминэн утуйара, үс чаас буола-буола аһаталлара. Ол быыһыгар оонньуурун, ойуоккалыырын олус сөбүлүүрэ. Оонньоон, киһини кэйбитэ буолара. Айылҕаҕа төрөөбүтэ буоллар, тыыннаах ордуо суох этэ. Иниспиэктэр Алексей Михайлов оҕотун курдук харайбыта, бүөбэйдээбитэ, имэрийэн-томоруйан улаатыннарбыта. «Тоойуом Марта» диэтэҕинэ, сүүрэн тойтоһуйан кэлэрэ.
«Живые алмазы» пааркаҕа 7 як баар. Марта өссө улааттаҕына, кинилэргэ холбоһуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: