Як оҕото Марта Саҥа дьылынан эҕэрдэлиир

Share

Мииринэй оройуонугар баар «Живые алмазы» айылҕа пааркатыгар төрөөбүт, иниспиэктэр Александр Михайловы кус оҕотун курдук батыһа сылдьар,  муус маҕан өҥнөөх, як оҕотун өйдүүргүт буолуо. 

Хаартыса: "Живые алмазы" паарка.

Билигин як оҕото Марта балачча улааппыт, хоп-хойуу түүлэммит, муоһа улаатан эрэр, бэйэтэ этэҥҥэ улаатан иһэр.  «Живые алмазы» айылҕа пааркатын үлэһиттэрэ киниэхэ Саҥа дьыллааҕы киэргэли, «Клевая девочка» диэн суруктаах бэргэһэни кэтэрдэн баран, сөбүлүүр аһылыгынан күндүлээтилэр. «Як оҕото Марта Саҥа дьылынан эҕэрдэлиир» диэн видеону тарҕаттылар.

2024 сыл кулун тутар 23 күнүгэр як Юля муус маҕан өҥнөөх оҕону төрөппүтэ. Оҕотун Марта диэн ааттаабыттара. Ол эрээри, ийэтэ үүтэ суох буолан, иниспиэктэрдэр кинини коза үүтүнэн аһатан, бүөбэйдээн улаатыннарбыттара. Ол иһин як оҕото кинилэргэ олус убаммыта, күнү быһа кэннилэриттэн сырса сылдьар этэ.

Муус-маҥан түүлээх, уп-уһун кыламаннаах, хап-хара чоҕулуйбут харахтаах, хойуу түүлээх кутуруктаах, ыт оҕотун курдук бойборуйбут Мартаны киһи эрэ таптыах курдук этэ.

Хаартыса: "Живые алмазы" паарка.

Төрүөҕүттэн, кыһыл оҕо курдук, эрэсииминэн утуйара, үс чаас буола-буола аһаталлара. Ол быыһыгар оонньуурун, ойуоккалыырын олус сөбүлүүрэ. Оонньоон, киһини кэйбитэ буолара. Айылҕаҕа төрөөбүтэ буоллар, тыыннаах ордуо суох этэ. Иниспиэктэр Алексей Михайлов оҕотун курдук харайбыта, бүөбэйдээбитэ, имэрийэн-томоруйан улаатыннарбыта. «Тоойуом Марта» диэтэҕинэ, сүүрэн тойтоһуйан кэлэрэ.

«Живые алмазы» пааркаҕа 7 як баар. Марта өссө улааттаҕына, кинилэргэ холбоһуоҕа.

What’s your Reaction?
+1
15
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Бэрээдэк
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга полиция үлэһиттэрэ массыынаттан электрическэй үстүрүмүөнү уорууну арыйдылар

ИДьМ 1-кы нүөмэрдээх салаатыгар эр киһи тиийэн массыынабыттан электрическэй үстүрүмүөннэри уордулар диэн сайабылыанньа суруйбут. Хоромньу…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Ааҕааччы суруга: Ыарахан ыарыыттан быыһаабыт эмчиттэрбэр аҕалыы алгыс аныыбын

Күн сырдыга ыараханнык ыалдьыбыт киһиэхэ күндү да буоллаҕа. Киһи биирдэ олорор. Быһылааҥҥа,оһолго түбэстэххэ, ыыппат ыарыыга…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Куокуй уһуйаанын хаар оҥоһуктара

Кэбээйи улууһун Куокуй нэһилиэгин уһуйаанын тиэргэнин бэртээхэй хаар оҥоһуктар киэргэтэллэр. [gallery ids="178769,178770,178771,178772,178773,178774"] Бу маны барытын…

8 часов ago
  • Сонуннар

Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?

"Хайа, хайдах олороҕут, ытык кырдьаҕастар?" - диэн ыйытыктаах Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев Ньурбатааҕы кырдьаҕастар…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Ил Дархан Арассыыйа уонна өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай наҕараадаларын туттарда

Саҥа дьылы көрсө Ил Дархан Айсен Николаев уһулуччулаах биир дойдулаахтарбытыгар Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Үөһээ Бүлүүгэ оскуола Саҥа дьыллааҕы киэргэтиитэ дьон болҕомтотун тарта

Саҥа дьылбыт чугаһаан ким хайдах дьоҕурдааҕынан, сатабыллааҕынан тиэргэнин, тэрилтэтин иннин киэргэтэр. Элбэх улууска социальнай тэрилтэлэр…

9 часов ago