«Якутия» АХ авиапааркатын Ту-214 аалларынан саҥардыы былааннанар
Бүгүн, бэс ыйын 15 күнүгэр, Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы XXVI экэнэмиичэскэй пуорум иитинэн, Саха сирэ уонна «Туполев» ПАУо сөбүлэһии түһэристилэр.
«Арҕааҥҥы дойдулар сааҥсыйаларын кэмигэр авиакөтүүнэн куттала суох хааччыйыы боппуруоһа биир тыын суолталааҕынан буолар. Дойду Аҕа баһылыга Владимир Путин олохтоох авиацияны сайыннарыыга сорук туруорбута. Биһиги ол соругу толорон, туһааннаах сөбүлэһии өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын сайыннарыыга төһүү күүһүнэн буолуоҕа», — диэтэ Айсен Николаев.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 2030 сылга диэри 12 магистральнай Ту-214 көтөр аалы «Якутия» АХ авиапааркатын саҥардыыга атыылаһарга интэриэстээҕин эттэ.
Ту-214 – орто магистральнай тииптээх суудуна. Бу көтөр аалынан Саха сириттэн Арассыыйа киин куораттарыгар көтүүгэ туһаныахтара.
Сөбүлэһиини Ил Дархан Айсен Николаев, «Туполев» ПАУо управляющай дириэктэрэ Вадим Королев түһэристилэр. Маны таһынан тэрээһиҥҥэ Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ, «Туполев» ПАУО дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Рустам Минниханов кытынна.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: