«Якутия» АХ авиапааркатын Ту-214 аалларынан саҥардыы былааннанар

Share

Бүгүн, бэс ыйын  15 күнүгэр, Петербурдааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы  XXVI экэнэмиичэскэй пуорум иитинэн, Саха сирэ уонна   «Туполев» ПАУо сөбүлэһии түһэристилэр.  

«Арҕааҥҥы дойдулар сааҥсыйаларын кэмигэр авиакөтүүнэн куттала суох хааччыйыы боппуруоһа биир тыын суолталааҕынан буолар. Дойду Аҕа баһылыга  Владимир Путин олохтоох авиацияны сайыннарыыга сорук туруорбута. Биһиги ол соругу толорон, туһааннаах сөбүлэһии өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын сайыннарыыга төһүү күүһүнэн буолуоҕа», — диэтэ  Айсен Николаев.

Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата 2030  сылга диэри  12 магистральнай Ту-214 көтөр аалы «Якутия» АХ авиапааркатын саҥардыыга атыылаһарга интэриэстээҕин эттэ.

Ту-214 – орто магистральнай тииптээх суудуна. Бу көтөр аалынан Саха сириттэн Арассыыйа киин куораттарыгар көтүүгэ  туһаныахтара.

Сөбүлэһиини  Ил Дархан  Айсен Николаев,  «Туполев» ПАУо управляющай дириэктэрэ Вадим Королев түһэристилэр. Маны таһынан тэрээһиҥҥэ  Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин бэрэсидьиэнэ, «Туполев» ПАУО дириэктэрдэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ   Рустам Минниханов кытынна.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

45 секунд ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago