«Якутия» авиахампаанньа чэпчэтиилээх билиэттэри атыыга таһаарда
Бэс ыйын 13 күнүттэн “Якутия” авиахампаанньа чэпчэтиилээх билиэттэри атыыга таһаарда. Билиэттэр «Дьокуускай – Москва», «Дьокуускай – Иркутскай» туһаайыыларга бааллар диэн СИА суруйар.
Ол курдук, «Дьокуускай – Москва» туһаайыыга билиэт сыаната 7000 солк., «Дьокуускай – Иркутскай» – 2500 солк. Көтөр күннэрэ бэс ыйын 28 күнүттэн ахсынньы 31 күнүгэр диэри.
Чэпчэтиилээх билиэттэри атыылаһыахтарын сөп:
— 22 сааһын ситэ илик ыччат;
— 55 саастарыттан аҕа саастаах дьахталлар;
— 60 саастарыттан аҕа саастаах эр дьон;
— 1-кы группалаах инбэлииттэр арыаллааччыларын кытта;
— 2-с уонна 3-с группалаах инбэлиит оҕолор, кинилэри арыаллааччылар;
— элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн чилиэттэрэ;
Чэпчэтиилээх билиэттэри авиакассаҕа ылар быраабы туоһулуур докумуону көрдөрөн туран эрэ атыылаһыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: