«Якутия» авиахампаанньа чэпчэтиилээх билиэттэри атыылыыр
«Якутия» авиахампаанньа Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэринэн сибээстээн, икки эрэ күн устата бары хайысхаларга чэпчэтиилээх билиэттэри атыылыыр.
35%-наах чэпчэтии бары хайысхаларынан, ол иһигэр, Харбиҥҥа көтөр билиэттэргэ баар буолуохтара.
Бу тарыыптарынан билиэттэри атыылааһын икки эрэ күн — олунньу 22-23 күннэригэр ыытылла турар.
Бу чэпчэтиилээх билиэттэринэн олунньу 22 күнүттэн ыам ыйын 20 күнүгэр диэри уонна балаҕан ыйын 15 күнүттэн алтынньы 26 күнүгэр диэри көтүөххэ сөп.
Бу маннык эбии чэпчэтии субсидиялаах билиэттэргэ оҥоһуллубат. Чэпчэтии 12 сааһыттан аҕа пассажирга бары рейстэргэ оҥоһуллар.
Онон ханна эрэ айанныыргытын былаанныыр буоллаххытына, бу күннэри мүлчү туппакка, эрдэттэн билиэттэри ылан кэбиспит ордук. Бу дьиэ кэргэттэргэ ордук тоҕоостоох.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: