«Якутия» авиахампаанньа сөмөлүөтэ Дьокуускай-Пекин хайысханан көтүөҕэ
25.08.2023, 10:13
Андрей Сорокин хаартыскаҕа түһэриитэ, СИА.
Бөлөххө киир:
Сотору кэминэн «Якутия» авиахампаанньа Дьокуускайтан Пекиҥҥэ көтөр саҥа рейси олохтуура былааннанар. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Ольга Рафаилова социальнай ситимнэринэн быһа эпиир кэмигэр иһитиннэрдэ.
Кини авиахампаанньа бу хайысханан рейс олохтоноругар үлэ бара турарын уонна сотору кэминэн үлэҕэ киириэхтээҕин бэлиэтээтэ.
Ону таһынан, авиахампаанньа Харбин куоракка көтөр рейстэри элбэтэр былаанныыр. Билиҥҥи туругунан, сөмөлүөт нэдиэлэҕэ биирдэ көтөр.
Бу быһаарыылар Кытай куораттарыгар көтүү, кэлии-барыы элбии туралларынан сибээстээхтэр.
Эльдар Садовников.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: