“Якутия” хампаанньа рейстэригэр 50 бырыһыаннаах чэпчэтиинэн төһө оҕо туһанна?
2025 сыл тохсунньу 1 күнүттэн “Якутия” авиахампаанньа 2-12 саастаах оҕолорго 50 бырыһыан чэпчэтиилээх билиэти биэриини саҕалаата.
Хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, 1600-тэн тахса билиэт хайыы үйэ атыыланна. Чэпчэтии “Якутия” хампаанньа өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи рейстэригэр барытыгар биисинэс-кылаастан уратыга баар. Маннык чэпчэтии субсидиялаах билиэттэргэ оҥоһуллубат, тоҕо диэтэххэ, ити билиэттэр хайыы үйэ чэпчэтиилээхтэр.
Ил Дархан Айсен Николаев эрдэ эппитинэн, оҕолорго 50 бырыһыаннаах чэпчэтиини “Полярные авиалинии” уонна “АЛРОСА” эмиэ оҥоруохтара.
Санатан эттэххэ, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2025 сыл тохсунньу 14 күнүгэр диэри элбэх оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх билиэт боппуруоһун бэрээдэктииргэ бырабыыталыстыбаҕа ахсынньыга сорудахтаабыта.
Тохсунньу 1 күнүттэн оҕо көтөр билиэттэригэр чэпчэтиилэри Арассыыйа 23 бөдөҥ авиахампаанньата киллэрдэ. Тохсунньу 10 күнүттэн Арассыыйа бары көтөр хампаанньалара оҕо билиэтигэр 50 бырыһыаннаах чэпчэтиини олохтуохтара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: