«Якутия» ледокол ууга этэҥҥэ түһэрилиннэ

«Якутия» ледокол ууга этэҥҥэ түһэрилиннэ

Ааптар:
22.11.2022, 21:12
Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 22 күнүгэр, Санкт-Петербурга “Балтийскай собуот” АУо-ҕа оҥоһуллар мууһу солоон айанныыр сүүнэ хараабыл — “Якутия” атомнай ледокол улахан өттө үмүрүтүллэн, ууга этэҥҥэ түһэрилиннэ. Маннык хабааннаах сүүнэ ледоколлар  Хотугу муора суолун баһылыырга, сайыннарарга улахан төһүү күүһүнэн буолуохтара. 

Үөрүүлээх уонна улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ РФ  Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин онлайн эрэсииминэн кыттан эҕэрдэтин  тиэртэ. Кини ледокол бу сиэрийэлэрэ  Арктиканы үөрэтиигэ, баһылааһыҥҥа уонна Хотугу муора суолунан суудуналар сырыыларыгар уонна таһаҕаһы тиэйиигэ  куттал суоһаабатыгар улахан стратегическай суолталаахтарын туһунан эттэ.

«Бу сүүнэ хараабыллар  атомнай ледоколлар флоттарын сайыннарыыга уонна Арассыыйа арктическай держава быһыытынан бөҕөргүүрүгэр улахан төһүү күүнүнэн буолаллар. Биһиги  Арассыыйаҕа оҥоһуллубут бырайыактары уонна бэйэбит оҥорбут оборудованиеларбытын күүскэ туһанан ледоколлар флоттарын өссө кэҥэтиэхпит, күүһүрдүөхпүт», – диэн  Владимир Владимирович эттэ.

«Бу саҥа ледоколу ууга олордуу символическай суолталаах, ол курдук, Саха сирэ  тэриллибитэ 100 сылыгар бу  улахан сабыытыйа буолла. Биһиги суудуналары тутааччыларга махтаныах тустаахпыт, кинилэринэн киэн туттабыт. Арассыыйа маннык хабааннаах сүүнэ ледоколлары оҥорууга аан дойду үрдүнэн инники күөҥҥэ сылдьара элбэҕи туоһулуур», – диэн Ил Дархан Айсен Николаев эттэ

Ледоколу ууга түһэрэн баран, салгыы ситэрэн оҥоруохтара. Былаан быһыытынан 2024 сыл ахсынньыгар   үлэлиэҕэ.

Муустаах  пояс – үс миэтэрэ курдук кэтиттээх зона, бу зонаҕа атомнай ледокол мууһу кытта харсыһарыгар муҥутуур ноҕурууска бэриллэр. Суудуна сиэксийэлэрин 40 миллиметр халыҥнаах ыстаалтан хомуйаллар. 84 туонна симиллибит сиэксийэтэ Арктика мууһун охсуутун бастакынан көрсүөҕэ. “Якутия” универсальнай атомнай ледокол — 22220 бырайыак төрдүс суудуната, үлэ 2020 сыл ыам ыйыттан саҕаламмыта. Суудуна “Атомфлот” ФГУП-“Росатом” судаарыстыбаннай корпорация тэрилтэтин сакааһынан тутуллар. Атомоход уһуна — 173,3 миэтэрэ, кэтитэ – 34 миэтэрэ. 22220 бырайыак дэгиттэр атомнай ледоколлар — аан дойдуга саамай улахан уонна күүстээх суудуналар. Кинилэр сүрүн соруктара – Арктика  арҕаа оройуонугар навигация сылы быһа ыытыллыытын хааччыйыы. Бу бырайыак суудуналара чугастааҕы сылларга Арассыыйа гражданскай ледокольнай флотун төрүтүнэн буолуохтаахтар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ аан дойду үрдүнэн атомнай ледокол флоттаах Арассыыйа эрэ буолар. Аныгы күүстээх технологияларынан саҥардыллыбыт атомнай ледоколлар саҥа сиэрийэлэрин тутуу РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн саҕаламмыта.

Ледокол саҥа бөлөҕө «Росатом» Госкорпорация суудуналары тутуу холбоһуктаах корпорациятын (ОСК) кытта ыытыллар. 22220 бырайыагынан атомнай ледоколлары тутуу Санкт-Петербурга Балтийскай собуокка ыытыллар. Балтийскай собуот үлэһиттэрин ахсаана 10 сыл иһигэр 3 төгүл улаатта. Ол эбэтэр 6 тыһыынча исписэлиис.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: