«Якутия» технопарка сылга 300-тэн тахса үлэ миэстэтин таһаарда

Share

Сыл иһигэр «Якутия» технопаркаҕа өссө 324 саҥа үлэ миэстэтэ тахсыбыт. Бу туһунан СӨ Бырабыытыластыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Анатолий Семенов тэрилтэ сыллааҕы үлэтин-хамнаһын түмүгүн таһаарыыга иһитиннэрдэ диэн СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар.

Кини этэринэн, резидент үлэһиттэрин ахсаана 940 диэри элбээбит. Билигин технопаркаҕа 175 хампаанньа үлэлиир, уопсай дохуота 3 млрд 812 мөл. солк. тэҥнэстэ. Төлөммүт түһээн уонна хомуллар үп-харчы кээмэйэ 217 мөл. солк. тиийдэ. Бэйэлэрин бырайыактарын олоххо киллэриигэ хампаанньа инвестицията 445 мөл. солк. тиийдэ. 2024 сылга технопарк 36 саҥа бырайыагы олоххо киллэрдэ. Тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду тутаах соруктарын быһаарарга саҥа саҕалааһыннары өйүүр уонна  хампаанньалары сайыннарар», — диэн Анатолий Семенов бэлиэтээтэ.

Кини технопарк  уопсастыба тирээн турар суолталаах проблемаларын быһаарыыга салгыы үлэлиирин, доруобуйа харыстабыла, үөрэхтээһин, бырамыысыланнас уонна авиация араас эйгэлэригэр инновациялары киллэрэрин бэлиэтээтэ.

«Анал байыаннай дьайыыга  технопарк резиденнэрэ байыаннай сулууспалаахтары өйүүр бородууксуйаны оҥоруунан уонна да атын тутаах технологиялары киллэриинэн дьарыктаналлар», — диэн вице-премьер эбэн эттэ. Технопарка үлэтин түмүгүнэн сыл ахсын ыытыллар куонкурус түмүгүн таһаардылар, ону тэҥэ Саха сирин исписэлиистэрин өйүүр уонна биисинэс, технологическай салаа икки ардыларыгар хардарыта бииргэ үлэлээһини сайыннарыыга туһуламмыт «Скидочная карта ИТ-шника» бырайыага көрүлүннэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

2025 сылга Өлүөнэ муостатын түөрт тирэҕин туруорарга былаанныыллар

2025 сылга Өлүөнэ муостатын түөрт бөдөҥ тирэҕин туруоруохтара. Бу туһунан Саха сирин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл…

30 минут ago
  • Бэрээдэк

Социальнай ситимҥэ дьону сэнээн суруйан сууттанна

Нерюнгри олохтооҕо дьахтар административнай быраабы кэһэн, 10 тыһ.солк. кээмэйдээх ыстараабы төлүөҕэ диэн СӨ сууттарын пресс-сулууспата…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Муус устар 2 күнэ: +10 кыраадыс, инчэҕэй хаар, күүстээх тыал

Бүгүн, муус устар 2 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар +10 кыраадыс буолара, инчэҕэй хаар, күүстээх…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп

Харах мөлтөөһүнүн эрдэттэн сэрэтиэххэ сөп диэн бэлиэтииллэр. Саха ыалын халандаарыгар (2007 с.) бу туһунан маннык…

13 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Быйыл 45 байыас дьиэтин киин ититэр ситимҥэ холбуохтара

Улуустарга байыастар дьиэлэрин киин ититэр ситимҥэ холбооһун үлэтэ салҕанар. 2025 сылга 45 дьиэни холбуур былааннаахтар.…

13 часов ago
  • Сонуннар

Иннокентий Луковцевка «СӨ киинэтин үтүөлээх тириэньэрэ» бочуоттаах ааты иҥэрдилэр

Бүгүн, муус устар 1 күнүгэр, Көр-күлүү, дьээбэ күнүнэн сибээстээн, саха киинэтин режиссердара СӨ үтүөлээх артыыһа…

14 часов ago