Салгыы
“Якутия” венчурнай хампаанньа уонна  “Восход”  пуонда кэскиллээх хампаанньалары үбүлүөхтэрэ

“Якутия” венчурнай хампаанньа уонна  “Восход”  пуонда кэскиллээх хампаанньалары үбүлүөхтэрэ

31.05.2024, 17:36
Хаартыска: SakhaGov
Бөлөххө киир:

Ыам ыйын 31 күнүгэр Креативнай нэдиэлэ түмүк тэрээһинигэр  “Саха-Восход” инвестиционнай табаарыстыба  дуогабарыгар илии баттанна.

Докумуоҥҥа “Якутия” венчурнай хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Алексей Комаренко уонна “Восход” пуонда салайар партнера  Руслан Саркисов илии баттаатылар.

Холбоһуктаах бырайыак Саха сирин уонна Уһук Илин эрэгийиэннэрин кэскиллээх технологическай хампаанньаларын үбүлүүр туһугар  Саха сирин үбүн уонна чааһынай хапытаалын холбуоҕа. Бу итинник хампаанньалар уонна стартаптар оҥорон таһаарар уонна экэниэмикэҕэ көдьүүстэрин биллэ үрдэтиэҕэ.

“Саха сиригэр стартаптар сайдалларыгар өссө биир түһүмэх, билигин кинилэртэн ордук ситиһиилээхтэрэ бэйэлэрин бырайыактарын сайыннарарга уонна кэҥэтэргэ 40 мөлүйүөҥҥэ диэри үбү ылыахтарын сөп. Үбүлээһин Саха сирин уонна Уһук Илин атын эрэгийиэннэрин кэскиллээх технологическай хампаанньаларын сайдыытыгар бэриллиэҕэ”, — диэн “Венчурная компания “Якутия”  АУо генеральнай дириэктэрэ Алексей Комаренко иһитиннэрдэ.

«Биһиги “Якутия” венчурнай хампаанньаны кытары бииргэ үлэлэһэртэн үөрэбит. Саха сиригэр технологическай предпринимательство уонна креативнай экэниэмикэ сайдыыта үгүс сылларга эрэгийиэн улахан стратегиятын сорҕотунан буолар. Бу хайысхаҕа тиһиктээх үлэ ыытыллар,  эдэр дьону көҕүлүүр уонна  инновацияҕа санааларын олоххо киллэрэр кыаҕы биэрэр инфраструктура оҥоһуллар. Ол үлэ түмүгүнэн, элбэх кэскиллээх хамаандалар ахсааннара элбээтэ, чуолаан ИТ, ИИ, мэдиссиинэ технологиятын,  геймдев хайысхаларыгар”, — диэтэ Руслан Саркисов.

Муус устарга Ил Дархан илии баттаабыт “Креативнай экэниэмикэ сайдыытын туһунан”  Ыйаах быһыытынан, 2030 сылга өрөспүүбүлүкэ айар индустрияларыгар дьарыктаах дьон ахсаана 70 тыһыынчаҕа тиийиэхтээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
2 ноября
  • -19°C
  • Ощущается: -25°Влажность: 78% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: