«Якутия, вперед!» каадыр куонкуруһугар 104 финалист талылынна

Share

Саха сиригэр «Якутия, вперед!» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи каадыр куонкуруһа ыытыллар. Салайааччы буолуон баҕарар дьоҥҥо аналлаах куонкурус үрдүк квалификациялаах  каадырдары бэлэмниир сыаллаах.

2024 сылга куонкурус хас да түһүмэҕинэн ыытыллар:

1 түһүмэх — экэниэмикэ салааларынан уонна муниципальнай таһымҥа талыы (муус устар 22 күнүттэн бэс ыйын 13 күнүгэр диэри).

2 түһүмэх — аһаҕас талыы (атырдьах ыйыгар).

3 түһүмэх — финал (алтынньы 3-5 күннэригэр).

Быйыл барыта 627 сайаапка киирбит (былырыын 537 сайаапка этэ). Кинилэртэн 3 киһи байыаннай дьайыыга сылдьарынан, эһиилги финалга быһа киирэллэр.

Финалга муниципальнай таһымҥа кыайбыт 32 киһи уонна 72 аһаҕас талыы кыттыылаахтара киирсиэхтэрэ.

Быйыл финал түһүмэхтэрин ситимниир тиэмэнэн Оҥоһуу өй (искусственный интеллект) буолуоҕа. Киһи уонна технологиялар дьайсыыларын, уопсастыбаҕа, тэрилтэлэргэ дьайыытын үөрэтиэхтэрэ. Маныаха үрдүк таһымнаах эспиэрдэр кэлэн үөрэтиэхтэрэ, тургутуохтара. Кыттааччылар «Саха сирин инникитэ» диэн уруһуйу Оҥоһуу өй көмөтүнэн уруһуйдуохтара. Дьыалабыай оонньуу ыытыллыаҕа.

3 күн устата 104 финалиһы өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа эспиэрдэрэ сыаналыахтара, тургутуохтара. Алтынньы 4 күнүгэр Наука Аччыгый академиятыгар Ил Дархан Айсен Николаевы кытта көрсүөхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Үөрэх

“Сыл учуутала-2024” күрэс кыайыылааҕын аата билиннэ

Нэдиэлэ устата барбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы “Сыл учуутала-2024” күрэс Саха сиринээҕи түһүмэҕэ түмүктэннэ. Үөрүүлээх быһыыга-майгыга лауреаттар,…

9 часов ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

Саха сирин биллиилээх дьоно “Покров и защита” уордьанынан наҕараадаланнылар

“Бары бииргэ Кыайыыга!” 1-кы Өрөспүүбүлүкэтээҕи байыаннай-патриотическай пуорумҥа “Покров и защита” уордьанынан Афганскай сэрии бэтэрээнэ Валерий…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньы 30 күнүгэр диэри сахалыы киинэлэри уонна кинигэлэри босхо көрүөххэ сөп

«Сахафильм» устуудьуйата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ «Киинэни ааҕабыт!» бырайыагы үлэлэттилэр . Ол курдук, Саха сирин…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьокуускайга бутлегертан 18 лиитэрэ арыгы былдьаатылар

Дьокуускайга полиция сулууспата сокуоннайа суох арыгы атыылааччылары буларга туһуламмыт рейдэлэри салгыы ыытар. Ол курдук, сокуоннайа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Чурапчы пиэрмэрэ сири оҥорууга федеральнай субсидияны ылыаҕа

Арассыыйа бырабыыталыстыбата 15 эрэгийиэҥҥэ, ол иһигэр Саха сиригэр, тыа хаһаайыстыбатын сирдэрин оҥорууга үлэ ороскуотун толуйуу…

10 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

“Хомуур олоҥхо” толорооччуларын истэ толору киһи кэллэ

Былырыын 2023 сыллаахха Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылынан Чөркөөххө “Хомуур олоҥхо” түһүлгэ тэриллибитэ. Бырайыак ааптарынан…

10 часов ago