«Якутия, вперед!» куонкуруска 430 сайаапка киирдэ

Share

Саха сиригэр «Якутия, вперед!» куонкуруска 430 сайаапка киирдэ.

Сайаапкалары Якутиявперед.рф  саайтка атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри тутуохтара. Бу туһунан СӨ Ил Дарханын  уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар. Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, «Якутия, вперед!» куонкурус  хас биирдии кыттааччыга  бэйэтин холоон көрөргө уонна тус кыаҕын үрдэтэргэ көмөлүүр. Куонкурус сыала-соруга  — Саха сирин судаарыстыбаннай уонна муниципальнай былааһын уорганнарыгар, экэниэмикэ уонна социальнай эйгэ салааларыгар каадырдары сүүмэрдээһин.

Куонкурус хас да түһүмэхтэн турар, ыраахтан олорон компетенцияларын көрүүттэн саҕалаан  түмүк тургутууларынан бүтэр, манна хас биирдии кыттааччы салайар дьоҕурун ааһарга тургутуоҕа.

Куонкуруска кыттарга хандьыдааттар тестирование ааһаллар уонна бэйэни билиһиннэрии видео бэлэмниэхтээхтэр. Сыаналааһын  араас салайар соруктары быһаарыыга уонна бөлөҕүнэн сорудахтары толорууга көрүллүөҕэ. Финалистары биллиилээх спикердэри кытта көрсүһүүлэр уонна бырайыактыыр кейстары оҥоруу тургутуу күүтэр. Куонкурус түмүгүнэн бастыҥнарынан билиниллибит 25 финалистары Саха сирин салайар каадырдарын резервэтигэр киллэриэхтэрэ.

What’s your Reaction?
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Кыһыммыт сылыйда диэн үөрээхтиибит да…

Кэлиҥҥи сылларга ахсынньы биллэ сылаас буолбутун бары бэлиэтии көрөбүт. Сороҕор ол сылыйбытын мэлдьэһэр курдук кулун…

21 минута ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

Кэлэр сылга уоппусканы ханнык ыйга ылар табыгастааҕый?

Ханнык баҕарар тэрилтэҕэ күһүн кэлэр сыллааҕы уоппуска кыраапыгын оҥороллор. Дойду Бырабыыталыстыбата кэлэр сыллааҕы үлэ күнүн…

1 час ago
  • Култуура
  • Сонуннар

«Һунтаар һаҥа һыла — Хатаска»

Бэҕэһээ, ахсынньы 21 күнүгэр, Дьокуускай куоракка олорор «Ыаллыылар» бөлөҕү Сунтаар улууһун араас нэһилиэктэриттэн төрүттээх,  Хатас…

1 час ago
  • Интервью
  • Сонуннар

«Уонна…»: Зоя Сылгытова

Кэлиҥҥи кэмҥэ саха тэлэбиидэнньэтигэр бээтинсэ аайы көрөөччүнү аралдьытар, киһини сынньатар, уоскутар, сэргэхситэр айылгылаах “Уонна...” биэрии…

2 часа ago
  • Сонуннар

Электрогенерация биэс улахан эбийиэгэ тутуллар

Билигин электрогенерация  биэс улахан эбийиэгэ тутуллар диэн Ил Дархан Айсен Николаев иһитиннэрдэ. Бу Ленскэйгэ тутулла…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Мэҥэҕэ диализнай киин аһыллыытын былаанныыллар

Илин эҥэрдээҕи диализнай киин арыллыытын былааннаатыбыт диэн Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Дмитрий Тихонов иһитиннэрдэ. -…

3 часа ago