Салгыы
«Якутлесресурс» Ньурбатааҕы филиала бэс үнүгэһин олорто

«Якутлесресурс» Ньурбатааҕы филиала бэс үнүгэһин олорто

10.10.2024, 11:00
Хаартыска "Якутлесресурс" Ньурбатааҕы филиалыттан
Бөлөххө киир:

Сыл аайы ойуур баһаардара эргэнэ хара тыабытын сиир, ойуурбутун хайдах чөлүгэр түһэриэххэ сөбүй? Саха сиригэр киэҥник туттуллар биир ньыма баар. Бу күннэргэ Ньурба улууһугар ону аан бастаан туһаннылар диэн СӨ Экологияҕа, айылҕаны туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар министиэристибэ иһитиннэрэр.

Бу ойууру искусственнай ньыманан, от-мас бэйэтэ кыайан үүммэт сиригэр киһи бэйэтэ сиэмэнэн эбэтэр  үнүгэһи олордуута буолар. Итиниэхэ анал питомниктарга килиимэт усулуобуйатын учуоттаан үүннэриллибит үнүгэстэри аҕалан олордоллор.

«Якутлесресурс» Ньурбатааҕы филиалын дириэктэрэ Александр Тихонов маннык кэпсиир:

— Ойууру  чөлүгэр түһэрии үлэтин чэрчитинэн 30 га иэннээх сиргэ 60 тыһыынча бэс үнүгэһин олортубут. Бу үнүгэстэр Красноярскайдааҕы мас питомнигыттан аҕалылыннылар. Аһаҕас силистээх маһы олордуу биһиги эрэгийиэммитигэр саамай сөптөөх. Үнүгэстэри ойуур баһаарын кэмигэр улаханнык эмсэҕэлээбит уонна эрдэ санитарнай ыраастааһын ыытыллыбыт сиригэр Хаҥалас нэһилиэгэр олортубут.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
14 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: