«Якутлесресурс» үлэһиттэрэ – ойуур баһаарын утары
Быйыл бэс ыйын 11 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарыттан ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ биллэриллибитэ. Оттон бэс ыйын 26 күнүгэр Саха сирин үрдүнэн ураты баһаарынай эрэсиим олохтоммута, ол кэннэ балаһыанньа уустугуран, от ыйын 1 күнүттэн федеральнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ киирбитэ.
Ыксаллаах балаһыанньа
Бүгүҥҥү туругунан, Арассыыйа ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин кылаабынай салалтата иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр 550 тыһыынча гааттан тахса иэннээх сири уот сии сытар. Бу ойуур баһаардарын умуруорууга уопсайа 1654 киһи уонна 156 тиэхиньикэ үлэлии сылдьар. Улахан баһаардар Өлүөхүмэ, Үөһээ Бүлүү, Дьааҥы, Абый улуустарыгар тураннар, ыксата сырыттылар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ турбут ойуур баһаардарын утары охсуһууга «Якутлесресурс» ГАУ 325 үлэһитэ уонна 74 тиэхиньикэтэ үлэлиир. Бу тэрилтэ үлэһиттэрэ Абый улууһун Уолбут нэһилиэгин Киэҥ Күөлүгэр чугаһаабыт ойуур баһаарын туох баар күүстэрин-кыахтарын ууран умуруордулар. Уот дэриэбинэҕэ чугаһаан ыксата, олохтоохтору бүтүннүү бөртөлүөтүнэн эвакуациялаан атын сиргэ көһөрө сырыттылар. Социальнай ситиминэн ойуур баһаарын дьулаан хартыынатын, Абый улууһун Киэҥ Күөлүн олохтоохторо айманар-муҥатыйар дууһаларын «хаһыытын» көрөн-истэн Саха сирин олохтоохторо олус диэн долгуйдулар. Кырдьык, улаханнык ыксата сырытта, дэриэбинэ этэҥҥэ быыһанна, олохтоохтор күннээҕи олохторугар-дьаһахтарыгар, төрөөбүт дойдуларыгар төнүннүлэр.
Уоту кытары күүстээх охсуһуу уустук күннэрин кэнниттэн, халлаан ону эрэ кэтэһэн турбут курдук, дохсун ардаҕы түһэрэн, куура-хатан турбут сири-дойдуну сиигирдэн баһаары утары охсуһааччылар санааларын көтөхтөҕө.
Киэҥ Күөлү быыһааһын
«Якутлесресурс» тэрилтэ баһаары умуруорууга салайааччыта Иван Сибиряков Киэҥ Күөлү хайдах быыһаабыттарын бу курдук кэпсиир:
«Биһиги от ыйын 18 күнүгэр Киэҥ Күөлгэ тиийбиппит, онно уот номнуо дэриэбинэҕэ чугаһаабыт этэ. Олохтоох дьон баһылыктарын салайыытынан «каракат» вездеходунан сылдьан уоту умуруора сылдьаллара. Биһиги тута бэлэмнэнэн баран, уоту кытары охсуһа киирбиппит. Орто Халыматтан 16 буолан, Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспаттан 5, Халыма быыһыыр сулууспатыттан 5 уонна «Якутлесресурс» тэрилтэттэн 6 киһи тиийбитэ. Миигин баһаары утары үлэ салайааччытынан анаабыттара. «Беларусь» тыраахтарынан 7 км минерализованнай балаһаны оҥорон саҕалаабыппыт, уоту эргийбиппит, ол кэннэ утары уоту ыыппыппыт. Бастаан уоту бохсуу биһиги санаабыт хоту баран иһэр курдуга. Ол эрээри сарсыныгар тыал хайысхатын уларытан уот уһуура-уһуура мастар үрдүлэринэн сүүрэн дэриэбинэ диэки барбыта. Биһиги олохтоохтору кытары үрүсээктээх уубутун уонна носуоһу туһанан уоту утары көрсүбүппүт. Уоту кытары күүстээх охсуһуу түмүгэр дэриэбинэни быыһаабыппыт!» – диэн Иван Сибиряков кэпсиир.
Эвакуация уонна туруулаһыы
Сарсыныгар сарсыарда кэтээн көрүү түмүгэр мас үрдүнэн субуллар иккис баһаары бэлиэтээбиттэр. Баһаар дэриэбинэҕэ ыкса кэлбитигэр олохтоохтору бөртөлүөтүнэн үстэ кырынан эвакуациялаабыттар. Бөртөлүөт төттөрү кэлэригэр Зырянкаттан уонна Дьокуускайтан «Авиалесоохрана» уонна Судаарыстыбаннай баһаарынай сулууспа үлэһиттэрин эбии аҕалан абыраабыт. Ол курдук саҥа күүһүнэн минерализацияламмыт балаһалары кэҥэппиттэр.
«Ойуур аттыгар турар дизельнэй электростанция ураты кутталы үөскэппитэ. Сарсыарда 3 чааска диэри минерализацияламмыт балаһалары уурбуппут, онон икки хос көмүскэнэр лииньийэни оҥорбуппут. Сарсыарда иккис лииньийэттэн утары уоту ыыппыппыт. Утары уоту ыыта сырыттахпытына, уот биһиги ойоҕоспутунан ааспыта. Инньэ гынан, биһиги бөлөхпүтүттэн 12 киһи уот ортотугар, бүтүннүү буруо иһигэр буолан хаалбыппыт, туох да көстүбэт, төгүрүччү уот этэ. Биһиги “каракатынан” кэлбит суолбутун сүтэрбиппит. Харахпытын харыстыыр мааскабыт көмөтүнэн, кырыарбат-боруорбат, кыратык көрдөрөр буолан быыһанныбыт. Буруо быыһынан уот төлө көтөн тахса сатаан эрэйдэнэн баран, бэһис сырыыбытыгар суолбутун булан, уот-буруо болгуотуттан тахсыбыппыт. Бастакы көмүскэнэр лииньийэҕэ тиийэн баран, утары уоту ыытары салҕаабыппыт. Дьэ, бу сырыыга дэриэбинэҕэ киирэ сатаабыт уоту тохтотор кыахтанныбыт. Ол кэннэ хаалбыт уоту бүтүннүү умуруордубут. Баһаар иккистээн күөдьүйбэтин диэн «Ми-8» көрдөһөргө быһаарыммытым, бөртөлүөт кэлэн үлэлээн барбыта. Ол кэннэ коптер көтүтэн, уот бүтүннүү умуллубутун бигэргэппиппит», – диэн салайааччы уоту кытта хайдах охсуспуттарын кэпсээтэ.
Уоту кытары күүстээх охсуһуу уустук күннэрин кэнниттэн, халлаан ону эрэ кэтэһэн турбут курдук, дохсун ардаҕы түһэрэн, куура-хатан турбут сири-дойдуну сиигирдэн баһаары утары охсуһааччылар санааларын көтөхтөҕө. Айылҕа кинилэр сыралаһан уоту кыайбыттарын, дэриэбинэни быыһаабыттарын ити курдук итэҕэттэҕэ.
Хаартыскалар «Якутлесресурс» тэрилтэ архыыбыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: