Быйыл сайын айылҕа уустук усулуобуйатынан (уһун ардахтар, аһыҥа, кураан) кэккэ улуустар тэрээһиннээх уонна кэтэх хаһаайыстыбалара оттооһуҥҥа күчүмэҕэйдэри көрүстүлэр. Онон хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи энчирэппэккэ сыл таһаарар соругу Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев туруорбута. “Якутоптторг” тэрилтэ сүөһүгэ концентрированнай аһылыгы тиэйиигэ сүрүн операторынан анаммыта.
“Якутоптторг” АУо-тан бу сорудаҕын хайдах толорон иһэрин туһунан ыйытыыга маннык хоруйу туттубут:
— Өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын сорудаҕын толорон, Саха сирин Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ концентрированнай сүөһү аһылыгын, гранулированнай оту атыылаһан, тиэйиини тэрийэр. Тыа хаһаайыстыбатын сүөһүтүн-аһын аһылыгын батарыыга сыананы аччатар туһуттан “Якутоптторг” АУо-ҕа уотурбаны, эбиэһи уонна гранулированнай оту тыа хаһаайыстыбатын табаары оҥорооччуларыгар тиэрдэригэр сорудахтаммыта. Ол курдук, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи уонна Өлүөхүмэ оройуоннарыгар бэрт кылгас болдьоххо, уопсайа 15 күн иһинэн, 711 туонна сүөһү аһылыга атыылаһыллан, оройуон кииннэригэр диэри тиэрдилиннэ. Массыынанан Горнай оройуонугар — 95 т, Кэбээйи оройуонугар – 304 т, Бүлүү оройуонугар – 172 т тиэйдибит. Ону тэҥэ Өлүөхүмэ оройуонугар “Владимир Худорожко” буксирынан 140 т илтэрдибит.
Аҕыс оройуоҥҥа анаан 5167 туонна сүөһү аһылыга субсидияламмыта: Дьааҥы, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Өлөөн, Чурапчы, Эбээн Бытантай. Сэтинньи ыйга “Якутоптторг” АУо Чурапчы улууһун тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар хаһаайыстыбаларыгар субсидияламмыт сүөһү аһылыгын илдьэргэ былаанныыр. Онтон атын үөһээ ааттаммыт улуустарга кыһыҥҥы массыына суола турдаҕына тиэйиэхпит.
Хаартыска: “Якутоптторг” тэрилтэ ыытта.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…