Бүгүн, атырдьах ыйын 11 күнүгэр, «Якутскэнерго» тэрилтэттэн үс УАЗ күлүүһүн байыастарга анаан туттардылар. Бу тиэхиньикэлэр сотору биир дойдулаахтарбыт сулууспалыыр сирдэригэр ыытыллыахтара.
Донбасска көмө уонна өйөбүл Хотугулуу-Илиҥҥи пуондатыгар массыыналар күлүүстэрин «Якутскэнерго» ресурсалары салайыыга генеральнай дириэктэри солбуйааччы Сергей Куртыяхов туттарда.
«Энергетиктар ааттарыттан биир дойдулаах байыастарбытыгар үс «УАЗ» ыытабыт. Көлөлөр туттарга бэлэмнэр. Ону сэргэ, гуманитарнай көмөбүтүн уонна байыастарга наадалаах тэриллэри ыытабыт«, — диэтэ кини.
Сүрүннүүр киин бэрэссэдээтэлэ Андрей Федотов: «Өрөспүүбүлүкэҕэ маннык гражданскай көхтөөх буолуу кэҥээн иһэрэ үөрдэр. Сырдыкка, инникигэ эрэли күүһүрдэр«, — диир кини.
Санатан эттэххэ, Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан тэриллибит сүрүннүүр киин байыастарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн көмөнү оҥоруу боппуруостарын сүрүннүүр. Тирэх пууннар байыаннай чаастары уонна госпиталлары, ону сэргэ Саха сириттэн сылдьар байыастары малынан-салынан, аһынан-үөлүнэн хааччыйыыга үлэлэһэллэр.
СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…