Муус устар 9 күнүгэр Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгэр доруобуйаларынан хааччахтаах аҕаларга «Ыал аҕата — ситим төрдө» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх буолла. Күрэһи Инбэлииттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаларын Саха сиринээҕи тэрилтэтэ тэрийдэ.
Дьокуускай куораттан, Хаҥалас, Томпо, Таатта, Горнай улуустартан барыта 7 аҕа үс түһүмэҕинэн күөн көрүстэ.
Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэринэн «Амарах аҕа» анал ааты Леонид Павлов (Горнай), «Талааннаах аҕа» — Иннокентий Кардашевскай (Горнай), «Сатабыллаах аҕа» — Михаил Шелковников (Дьокуускай), «Кэскиллээх аҕа» Михаил Неймохов (Томпо) ыллылар.
3 миэстэ Валерий Слепцов (Таатта), 2 миэстэ Геннадий Филиппов (Горнай), 1 миэстэ Егор Софронов (Хаҥалас) буоллулар. «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрэ» анал аат 14 оҕо амарах аҕата Леонид Павловка иҥэрилиннэ. Кини күрэх спонсора «Хоту тент» хампаанньа туруорбут сыаналаах бирииһин тутта.
Кыттааччыларга, тэрийээччилэргэ махтанан туран, улуус сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.Г.Константинова, Бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын Саха сиринээҕи тэрилтэтин бэрэссэдээтэлэ И.В.Лебедева эҕэрдэлээтилэр, махтал тылларын эттилэр.
Ньургуйаана СКРЯБИНА
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…