Ыал арахсар түбэлтэтигэр биэнсийэлэрин баалын үллэстэригэр этии киирдэ

Share

Арахсарга соруммут ыалга бииртэн биир мучумаан эбиллэн иһэр.

Бу иннинэ судаарыстыбаннай пошлина сыаната ыараан, 5 тыһ. солк буолбута. Билигин Госдуумаҕа өссө биир сокуон барыла оҥоһулла сылдьар. Ол туһунан Дьиэ кэргэн, дьахтар уонна оҕо боппуруостарынан Госдума кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Татьяна Буцкая иһитиннэрдэ.

“РФ билиҥҥи сокуонунан, оҕотун көрөн олорор үлэһиккэ кыра пенсионнай коэффициент ааҕыллар. Инньэ гынан оҕо көрөн олорор төрөппүккэ сыл устата биэнсийэ баалын саамай алын ахсаана мунньуллар, оттон үлэлии сылдьар төрөппүккэ биэнсийэтин баала быдан элбэх. Сокуон барылын ис хоһооно диэн, бу ыал арахсар түгэнигэр ийэлээх аҕа биэнсийэлэрин баалын эбэн баран, үллэрэн кэбиһиэххэ наада”, — диэтэ Госдума дьокутаата.

Оҕону иитии улахан үлэ, онон арахсыы түгэнигэр биэнсийэ баалын үллэстии сөптөөх быһаарыныы буоларын бэлиэтээтэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Сүрүн

“Спортивные якутяне” спартакиада үөрүүлээх аһыллыыта буолла

“Спортивные якутяне” үөрэнээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиадаларын түмүктүүр түһүмэҕэр кыттаары өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 1209 оҕо кэллэ. Бу…

7 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бэс ыйын 6 күнэ: этиҥнээх ардах, инчэҕэй хаар, хоту -3° кыраадыс

Саха сиригэр бүгүн, бэс ыйын 6 күнүгэр, синоптиктар соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу ардах түһэрин, хотугу оройуоннарынан ардыырын,…

28 минут ago
  • Гороскоп
  • Интэриэһинэй
  • Уопсастыба

Нэдиэлэтээҕи гороскоп: бэс ыйын 6-13 күннэрэ

Сулустар тугу кэпсииллэр? Астрологтар туох диэн билгэлииллэр? ХОЙ Барыылаах-кэлиилээх, тэтимнээх нэдиэлэ үүммүт. Арыый уоскуйа түһэр…

58 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Олоҕо суох иһитиннэриигэ итэҕэйимэҥ

Соторутааҕыта Саха сириттэн  200-тэн тахса тулаайах байыаннай дьайыыга ыытыллыбытын  курдук сонун социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. Ол…

12 часов ago
  • Сонуннар

Экологтар субуотунньуктаатылар

Бүгүн Тулалыыр эйгэни харыстааһын уонна Эколог күнүнэн сибээстээн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн араас тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Үлэ киһитэ Раиса Иванова 45 сыл устата бэтэринээрдиир

Быйыл Ил Дархан "Үлэ киһитэ" бириэмийэтин 50 киһи ылары ситистэ. Сунтаар Элгээйититтэн үлэ киһитэ Раиса…

12 часов ago