Быйыл Саха сиригэр судаарыстыбаннай эргиэн тэриллибитэ 100 сылынан сибээстээн, киин куоракка өрөбүллэргэ араас атыы-эргиэн тэрээһиннэрэ тэриллэр буоллулар.
Субуота күн 203 түөлбэҕэ «Ыаллыылар» («Добрососедство») искибиэргэ «Бөрүөктээх чэй» диэн бэрт кэрэхсэбиллээх тэрээһин буолан ааста.
Бу «Саха сирин амтана» гастрономическай бэстибээл иһинэн ыытыллар тэрээһини СӨ Ыалдьытымсах буолуу асссоциацията тэрийэн ыытар. Манна бурдук аһы астааччылар бэйэлэрин бородууксуйаларын көрдөрдүлэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ ас-үөл эйгэтин эргиэнин уопуттаах үлэһиттэрэ киирэн үлэлээбиттэрэ да, тэрээһин таһыма үрдүгүн бэлиэтиир.
Тэрээһин туһунан эргиэн бэтэрээнэ, ‘Тыгын Дархан» эрэстэрээҥҥэ өр сылларга үлэлээбит, тэрээһин дьүүллүүр сүбэтин чилиэнэ Мария Габышева кэпсэтиибитин маннык саҕалаата:
Салгыы Мария Николаевна санаатын маннык үллэһиннэ:
— Куораппыт улаатан, кэҥээн, нэһилиэнньэтэ элбээн иһэр. Онон дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн, аны түөлбэ-уокуруктарынан тэрээһиннэр ыытыллаллара олус табыгастаах уонна кэрэхсэбиллээх буолла. Ол курдук, 203-с түөлбэ «Бөрүөктээх чэй» диэн бэрт сонун тэрээһиҥҥэ кытынным. Дьон интэриэстээх буолан, сарсыарда бэстибээл аһыллыан быдан инниттэн тоҕуоруһан, атыы-эргиэн тэриллэн барбыта. Сибиэһэй хаппыыстаттан, хортуоппуйтан, эттэн, кууруссаттан, балыктан уонна араас отонтон бөрүөк арааһа быыстапкаҕа турда.
Манна чэй иһэргэ Нам улууһун мүөтэ Алтай араас мүөтүн кытта тэҥҥэ куоталаһар кыахтаммыта көрөргө үчүгэйэ сүрдээх
«Зазеркалье» дьиэ кэргэн эрэстэрээнэ мааны аһын илдьэ «көһөн» кэлэн, араас бөрүогү таһынан, чэй арааһын уонна сэбиэскэй кэмҥэ таптаан иһэр тэллэй-чэйбитин оҥорон аҕалан амсатта.
Олохтоох бородууктаттан оҥоһуллубут, балык, эт полуфабрикаттара, үүт аһылык, араас от, бурдук ас арааһа дьон болҕомтотун тардан, атыы хамаҕатык барда. Маны таһынан, 203-с түөлбэ олохтооҕо, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ийэтэ Роксана Син куурусса этиттэн уонна хортуоппуйтан оҥорбут бөрүөгэ дьон болҕомтотун тарта.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн эрэстэрээннэр уонна отельердар ассоциацияларын салайааччытын хос бэрэссэдээтэлэ Наталья Слепцова бэлиэтээбитинэн, маннык тэрээһиннэр куорат бары уокуруктарынан тэриллэллэрэ буоллар, нэһилиэнньэ куорат икки эрэ ырыынагар бэрт эрэйинэн тиийэллэрэ тохтуо этэ. Санаан да көрдөххө, дьиэлэрин таьһыттан, олорор сирдэринэн бэйэ аһын-үөлүн атыылаһар кыахтаныа этилэр.
Онон бу маннык тэрээһиннэр Саха сиригэр судаарыстыбаннай эргиэн тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн дьон олорор сиринэн олохтоох бородууктаны тарҕатыыга үлэ араас көрүҥэ тэриллэрин бэлиэтиир тоҕоостоох. Онно эргиэн, ас-үөл тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ, чааһынай дьон кыттыыта көхтөөх. Уопсайынан, хас уокурук аайы кыра ырыынактарын тэрийэр киһи, даачаҕа үүнэр оҕуруот аһын дьоҥҥо тиэрдэргэ табыгастаах буолуо эбит.
Биэс оҕо ийэтэ Роксана Син тэрээһиҥҥэ кыттыытын туһунан бу курдук кэпсээтэ:
Роксана Петровна биирдиилээн дьонтон соҕотох кыттааччы буолан биэрдэ.
Онон бочуоттаах 1-кы миэстэни ылан, массаас сэртипикээтин ылар чиэскэ тигистэ.
Роксана бөрүөгүн амсайааччы дьон олус минньигэһин бэлиэтээтилэр.
Ол курдук, Анна Подрясова бэйэтин санаатын бу курдук тиэртэ:
Роксана Син минньигэс бөрүөгүн эрэсиэбэ маннык эбит:
Омук сиригэр кэмпилиэктэммит оҥоһуктарын барытын дойдубут киэнигэр уларытан баран, Ту-214 сөмөлүөтү бэрэбиэркэлээн көрүү саҕаланна, диэн…
Сэбирдэҕэр гликозид арбутин, виннай, яблочнай, лимоннай органическай кислоталар, С витамин, альдегид о.д.а. иҥэмтэлээх эттиктэр бааллар.…
Бүгүн киин куоракка Казначейство саалатыгар “Саха сирин бастыҥ ювелирнай оҥоһуктара-2024” быыстапка аһылынна. Тэрээһин “Кыһын Саха…
Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра 95 сыла туоларынан, алтынньы 17 күнүгэр Анемподист Иванович Софронов…
Мэҥэ Хаҥалас улууһун борокуратуурата Ростов уобалаһын уонна Хакасия Өрөспүүбүлүкэтин үс олохтооҕор холобунай дьыаланан буруйдааһын түмүгүн…
Тэрээһиҥҥэ Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарар министиэристибэ баһылыга Алексей Чекунков кытынна. Көрсүһүү кэмигэр выпускниктар соруктарын,…