Ыалтан 1,2 мөл.солк. киэргэллэри уорбут
Бу күннэргэ киин куорат биир ыалыттан уопсайа 1,2 мөл.солкуобай суумалаах кыһыл көмүс киэргэллэри уорбуттара билиннэ.
Ис дьыала министиэристибэтин Дьокуускайдааҕы салаатын 2 нүөмэрдээх отделыгар куорат олохтооҕуттан уонна кини балтытыттан уоруу туһунан сайабылыанньа киирбит. Кинилэр дьиэлэриттэн уопсайа 1,2 мөл. солк. кыһыл көмүс киэргэллэрин уорбуттар.
Полиция сотрудниктара суһал-ирдиир үлэлэрин кэмигэр уорбаланааччы ким буоларын билбиттэр.
Ол курдук уорбаланааччы эмсэҕэлээччилэртэн биирдэстэрин уолун бииргэ олорор, урут сууттана сылдьыбыт 37 саастаах дьахтар эбит.
Дьахтар тапталлааҕын ийэтэ Турцияҕа сынньана барбытын итиэннэ эдьиийдэрэ үлэтигэр сылдьарын туһанан, күлүүстэрин эр киһи дьиэтигэр хаалларбыттарын ону ылбыт. Ол кэннэ дьиэҕэ тиийэн кыһыл көмүс ытарҕалары, биһилэхтэри, кулоннары, сыапачыкалары, чаһыны уорбут. Уорбут киэргэллэрин атыылаан, харчытын бэйэтин наадатыгар туһаммыт. Сорох киэргэллэри ууга бырахпыт.
Билигин уоруйах дьахтарга РФ Холуобунай кодексын 158 ыст. 3 ч. уонна 158 ыст. 4 чааһынан холуобунай дьыала көбүтүлүннэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: