Салгыы
Ыалы өйөөһүн – өрөспүүбүлүкэ сайдыытын тирэҕэ

Ыалы өйөөһүн – өрөспүүбүлүкэ сайдыытын тирэҕэ

Ааптар:
26.08.2024, 08:00
Хаартыскалар ааптар архыыбыттан
Бөлөххө киир:

Быйылгы 2024 сыл Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан, Арассыыйа Федерациятыгар Дьиэ кэргэн сылынан, Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылынан биллэриллэн, судаарыстыбаннай былаас уорганнара оҕолоох ыаллары, дьиэ кэргэннэри уонна оҕо аймаҕы өйөөһүҥҥэ тустаах дьаһаллары, чуолаан социальнай сайдыы, үөрэхтээһин, мэдиссиинэ, физкултуура уонна успуорт эйгэтинэн, киэҥ өрүттээх дьаһаллары ылаллар.

Бастакы Бэрэсидьиэн  саҕалааһынынан

Мин «Ыал экэниэмикэтэ эрэгийиэн дьиэ кэргэҥҥэ туһуламмыт судаарыстыбаннай экэниэмикэтин тирэҕин быһыытынан» ыстатыйабар уонна «Михаил Ефимович Николаев: Арассыыйа Федерациятын дьиэ кэргэн экэниэмикэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэтигэр киллэрбит кылаата» диэн кэлэктиибинэй монографияҕа (Г.И. Климантова о.д.а.; эпп. ред. М.М. Прокопьева. — Дьокуускай: ХИФУ издательскай дьиэтэ, 2024. С.89-107.), ону таһынан быйыл, ыам ыйын 8 уонна 17 күннэригэр «Ил Түмэн» хаһыат нууччалыы таһаарыытыгар бэчээттэппит «Михаил Николаев – дьиэ кэргэн судаарыстыбаннай бэлиитикэтин новатора» ыстатыйабар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр дьиэ кэргэни уонна оҕо аймаҕы өйүүр дьаһаллары төрүттээһиҥҥэ Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Николаев ылар оруолун чорботон туран, кинини XX үйэ түмүктэнэр кирбиитигэр, XXI үйэ саҕаланар саҕаҕар дьиэ кэргэни уонна оҕо аймаҕы өйөөһүн идейнэй көҕүлээччитин итиэннэ тэрийээччитин быһыытынан сырдаппытым.

Михаил Ефимович саҕалааһынынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бу кэлиҥҥи отут сыл устатыгар дьиэ кэргэн үнүстүүтүн уонна оҕолоох дьиэ кэргэттэри, ыаллары өйөөһүҥҥэ итиэннэ сайыннарыыга туһаайыллыбыт үлэ утумнаахтык ыытыллар.

Көмө саҥа көрүҥнэрэ  

Ил Дархан Айсен Николаев уонна өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата  элбэх оҕолоох, дьоҕус дохуоттаах ыаллары өйөөһүҥҥэ быйыл маннык социальнай дьаһаллары ыллылар:

1. Саҥа төрөөбүт, иитиллэр оҕоҕо ый ахсын босуобуйа бэриллэр. Онуоха ийэ хат буолбута 12 нэдиэлэтигэр диэри учуокка турбут итиэннэ төрөппүттэртэн (эппэкииннэртэн, бэбэчиитэллэртэн) биирдэстэрэ 17-тигэр диэри саастаах оҕолоох итиэннэ иккиэн Арассыыйа Федерациятын кыраасданнара уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олорор буолуохтаахтар.

Төлөбүр кээмэйэ дьиэ кэргэн биир киhитигэр тиксэр орто дохуотун кээмэйэ тиийинэн олоруу алын таһымыгар төһө тиийэриттэн-тиийбэтиттэн тутулуктанар.  Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тиийинэн олоруу алын таһыма бастакы суонаҕа – 25 396 солкуобай, иккис суонаҕа – 21 272 солкуобай харчы.

2. Биир киhиэхэ тиксэринэн тиийинэн олоруу алын таһымыттан намыһах дохуоттаах элбэх оҕолоох ыаллар оскуола, успуорт уо.д.а. оҕо таҥаһын кэмпилиэгин атыылаһалларыгар сылга биирдэ харчынан көмө көрүллэр.

3. Биир киhиэхэ тиксэринэн тиийинэн олоруу алын таһымыттан намыһах дохуоттаах ыаллар саҥа төрөөбүт оҕолоругар таҥас-сап анал кэмпилиэгэ бэриллэр.

4. Тиийинэн олоруу алын таһымыттан намыһах дохуоттаах ыалларга, соҕотоҕун олорор дьоҥҥо социальнай хантараахха олоҕуран, судаарыстыбаннай социальнай көмө маннык хайысхаларынан оҥоһуллар: үлэ көрдөөһүҥҥэ, биирдэм тэрилтэни, кэтэх хаһаайыстыбаны тэринэргэ итиэннэ ыйдааҕы босуобуйаларын киллэрэн туран, биир киhиэхэ тиксэринэн тиийинэн олоруу алын таһымыттан намыһах дохуоттаах ыалларга анаммыт 2023 сыллаах бырагырааманы олоххо киллэрэргэ.

Судаарыстыбаннай үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэнээччилэр кэккэ кэрискэлэрэ босхо аһылыгынан хааччыллалар.

Бу кэрискэҕэ уопсай орто үөрэхтээһин оскуолатын алын сүһүөх кылаастарын үөрэнээччилэрэ уонна 5-11 кылаастарга үөрэнэр намыһах дохуоттаах ыаллар оҕолоро, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор итиэннэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар аҕалаах оҕолор киирэллэр. Хас биирдии оҕоҕо күҥҥэ 80 солкуобай, Аартыка улуустарыгар 90,2 солкуобай харчы көрүллэр.

6. Анал орто үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр намыһах дохуоттаах ыаллар  оҕолоро босхо аһылыгынан хааччыллаллар. Биир оҕоҕо күҥҥэ 112,8 солкуобай харчы көрүллэр.

7. ОДьКХ өҥөтүн иһин төлөбүр ыал уопсай дохуотун 15 %-ын сабырыйар түбэлтэтигэр, субсидия көрүллэр.

Кырачааннарбыт тустарыгар  

Намыһах дохуоттаах элбэх оҕолоох ыалларга демография хайысхатынан өйөбүл маннык көрүҥнэрэ баар:

1. Үһүс уонна онтон салгыы оҕотун төрөппүт (иитэ ылбыт) ыал дохуота биир киhиэхэ тиксэринэн, үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ тиийинэн олорор алын таһымын икки төгүл ылбыттан намыһах буоллаҕына, оҕо 3 сааһын туолуор диэри ый ахсын бэриллэр босуобуйа көрүллэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үлэлиир кыахтаах нэһилиэнньэ тиийинэн олорор алын таһыма бастакы суонаҕа – 29 758 (икки төгүл ыллахха, 59 516) солкуобай, иккис суонаҕа – 24 925 (икки төгүл ыллахха, 49 850) солкуобай.

Оҕо 2023 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт буоллаҕына, саҥа төрөөбүт, иитиллэр оҕоҕо ый ахсын бэриллэр босуобуйа киирбитинэн, харчынан төлөбүр 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн анаммат.

2023 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри анаммыт харчынан төлөбүрү ылар быраап анаммыт кэмин устатыгар (үс сылга) эбэтэр саҥа төрөөбүт, иитиллэр оҕоҕо ый ахсын бэриллэр босуобуйа ананыар диэри бэриллэр.

2. «Дьиэ кэргэн» эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаала үһүс уонна онтон салгыы оҕотун төрөппүт ыалга  2011 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан бэриллэр.

Маныаха ирдэбил биир: төрөппүттэр Арассыыйа Федерациятын кыраасданнара, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биэс сылтан итэҕэһэ суох олорор  буолуохтаахтар. Эрэгийиэннээҕи ийэ хапытаалын сууммата – 300 000 солкуобай харчы.

3. Саха Өрөспүүбүлүкэтин 100 сылын чэрчитинэн, саҥа төрөөбүт (иитэ ылыллыбыт) оҕоҕо 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн  олохтоммут «100 сыл оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал бэриллэр кэмэ 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһатылынна. Тус сыаллаах хапытаал кээмэйэ – 110 775 солкуобай.

«100 сыл оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал үбүттэн 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн биир кэмнээх көмө көрүллэр.

2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2027 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри төрөөбүт (иитэ ылыллыбыт) оҕолорго бэриллэр. Кээмэйэ – 30 000 солкуобай.

5. Үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалга босхо сир учаастага көрүллэр: кэтэх хаһаайыстыба тэринэргэ, даача (сайылык) туттарга, оҕуруот олордорго. Онуоха ыал ийэтэ-аҕата Арассыыйа Федерациятын кыраасданнара уонна тустаах куораттааҕы уокурук биитэр муниципальнай тэриллии сиригэр-уотугар биэс сылтан итэҕэһэ суох олорор буолуохтаахтар.

6. Оҕо уһуйааҥҥа (оскуола иннинээҕи тэрилтэҕэ) сылдьар усунуоһугар толуйуу харчыта көрүллэр.

Толуйуу харчыта төрөппүттэртэн (сокуоннай бэрэстэбиитэллэртэн) биирдэстэригэр, усунуоһу кытары тустаах сайабылыанньаны түһэрбит уонна ирдэнэр докумуоннары киллэрбит кэнниттэн бэриллэр. Толуйуу харчытын кээмэйэ: бастакы оҕоҕо – 20 %, иккис оҕоҕо – 50 %, үһүс уонна онтон салгыы оҕолорго – 70 %.

7. Саастарын ситэ илик 10 уонна онтон элбэх оҕолоох, ол иһигэр  23 сааһын туола илик устудьуоннардаах ыалларга, иитийиэх дьиэ кэргэннэргэ судаарыстыба социальнай көмөтүн чэрчитинэн, социальнай хантараахха олоҕуран, тырааныспар атыылаһарга биир кэмнээх харчынан көмө көрүллэр.

Көмө бу көрүҥэ  саастарын ситэ илик 10 уонна онтон элбэх оҕолоох, ол иһигэр 23 сааһын туола илик, анал орто эбэтэр үрдүк үөрэх тэрилтэтигэр күнүскү киэбинэн үөрэнэр оҕолоох ыалларга, иитиэх дьиэ кэргэттэргэ, Арассыыйа Федерациятын кыраасданнарыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биэс сылтан итэҕэһэ суох олорор ыалга бэриллэр. Кээмэйэ – 883 484 солкуобай.

8. Алтатыгар диэри саастаах элбэх оҕолоох ыаллар босхо эминэн хааччыллаллар.

Босхо эмп элбэх оҕолоох ыал алтатыгар диэри саастаах оҕолоругар, быраас суруйбут ырысыабын быһыытынан бэриллэр.

9. Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Дьоруой Ийэ» бэлиэтинэн наҕараадаламмыт (10 уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт, ииппит) ийэлэргэ биир кэмнээх көмө көрүллэр.

Онуоха ирдэбил биир: ийэ 10 уонна онтон элбэх оҕону төрөппүт, ииппит уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 15 сылтан итэҕэһэ суох олорбут итиэннэ кыра оҕото биир сааһын туолбут буолуохтаах. Кээмэйэ – 1 000 000 солкуобай.

10. Элбэх оҕону төрөппүт уонна ииппит ийэлэр анал бэлиэнэн наҕараадаланаллар: сэттэ оҕоҕо – үһүс истиэпэннээх «Ийэ Албан аата» бэлиэнэн, аҕыс оҕоҕо – иккис истиэпэннээх «Ийэ Албан аата» бэлиэнэн, тоҕус оҕоҕо – бастакы истиэпэннээх «Ийэ Албан аата» бэлиэнэн.

Оҕо ахсааныгар саастарын ситэ илик уонна 23 сааһын туола илик, анал орто эбэтэр үрдүк үөрэх тэрилтэтигэр күнүскү киэбинэн үөрэнэр, ийэ бэйэтэ төрөппүт эбэтэр сокуоннайдык иитэ ылбыт оҕолоро киирэллэр.

Анал бэлиэҕэ харчынан биир кэмнээх төлөбүр көрүллэр: үһүс  истиэпэҥҥэ – 100 000 солкуобай, иккис истиэпэҥҥэ – 200 000 солкуобай, бастакы истиэпэҥҥэ – 300 000 солкуобай.

«Дьоруой Ийэ» уордьанынан наҕараадаламмыт уонна «Дьоруой Ийэ» аакка тэҥнэммит, үлэлээбэт ийэлэр үс сылга биирдэ өрөспүүбүлүкэ иһигэр сөмөлүөтүнэн, өрүс тырааныспарынан уонна массыына суолунан босхо айанныыллар.

Кэккэ чэпчэтиилэр

1. Элбэх оҕолоох ыаллар тырааныспар нолуогар чэпчэтиинэн туһаналлар.

Элбэх оҕолоох ыалга эбэтэр иитиэх дьиэ кэргэҥҥэ төрөппүттэртэн биирдэстэрэ кини аатыгар эрэгэстэрээссийэлэммит тырааныспардартан биирдэстэригэр тырааныспар нолуогуттан босхолонор. Чэпчэтиини тырааныспар ханнык көрүҥэр (легковой массыынаҕа эбэтэр матассыыкылга, эбэтэр мотороллерга, эбэтэр оптуобуска, эбэтэр таһаҕас таһар массыынаҕа)  оҥорторорун төрөппүт бэйэтэ быһаарар. Өскөтүн легковой массыынаҕа (автомобильга) тырааныспар нолуога Арассыыйа Федерациятын Нолуогун кодексын 362-с ыстатыйатын 2-с чааһыгар сөп түбэһиннэрэн, үрдэтиллэр кэффициенынан ааҕыллыбыт түбэлтэтигэр, чэпчэтии оҥоһуллубат.

2. Элбэх оҕолоох ыаллар бас билии уонна сир нолуоктарыгар чэпчэтиинэн туһаналлар.

Бас билии нолуогар элбэх оҕолоох ыал сааһын ситэ илик оҕотун ахсыгар тиксэринэн, кыбартыыра (кыбартыыра сорох чааһын) уопсай иэниттэн 5 кв миэтэрэ уонна чааһынай олорор дьиэ (олорор дьиэ сорох чааһын) уопсай иэниттэн 7 кв миэтэрэ кадаастырынан сыаната нолуок баазатыттан көҕүрэтиллэр.

Оттон сир нолуогар биир сир учаастагын уопсай иэниттэн 600 кв миэтэрэ кадаастырынан сыаната нолуок баазатыттан көҕүрэтиллэр.

3. Элбэх оҕолоох ыалларга судаарыстыбаннай уонна муниципальнай бас билиигэ сылдьар култуура уонна успуорт тэрилтэлэригэр чэпчэтии көрүллэр.

Чэпчэтии кээмэйэ: үс-түөрт оҕолоох ыалларга — 50 %, биэс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга –  100 %.

Олорор дьиэни-уоту тупсарыыга

Дьоҕус дохуоттаах, элбэх оҕолоох ыаллар олорор усулуобуйаларын тупсаралларыгар туһуламмыт социальнай  көмө көрүҥэ элбэх.

1. Үс уонна онтон элбэх игирэ оҕону төрөппүт ыаллар дьиэ тутталларыгар (атыылаһалларыгар) биир кэмнээх көмө көрүллэр.

Биир кэмнээх көмө 2021 сыл тохсунньу 1 күнүнэҕи туругунан, үс уонна онтон элбэх игирэ оҕону төрөппүт, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биэс сылтан сылтан итэҕэһэ суох олорор ыалларга бэриллэр. Кээмэйэ – дьиэ сыанатын 35 %-а.

2. Биэс уонна онтон элбэх, саастарын ситэ илик оҕолоох ыаллар дьиэ тутталларыгар (атыылаһалларыгар) биир кэмнээх көмө  бэриллэр.

Өйөбүл бу көрүҥэ биэс уонна онтон элбэх, саастарын ситэ илик оҕолоох, олохтоох салайыныы уорганыгар олорор дьиэҕэ наадыйааччы учуотугар  турар уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 20 сылтан итэҕэһэ суох олорор ыалларга ананар. Кээмэйэ – дьиэ сыанатын 35 %-а.

3. Биэс уонна онтон элбэх, саастарын ситэ илик оҕолоох ыаллар сир учаастагар дьиэ тутталларыгар эбэтэр дьиэ туттаары (атыылаһаары) эрдэ ылбыт сойуомнарын сабалларыгар харчынан сэртипикээт бэриллэр.

Онуоха кинилэр олохтоох салайыныы уорганыгар олорор дьиэни туттарга (атыылаһарга) биир кэмнээх социальнай төлөбүрү ылыахтаах, биэс уонна онтон элбэх, саастарын ситэ илик оҕолоох ыаллар кэрискэлэригэр киирбит буолуохтаахтар. Кээмэйэ – дьиэ сыанатын 17,5 %-а (социальнай төлөбүр 50 %-а).

4. Уон уонна онтон элбэх, саастарын ситэ илик оҕолоох, олохтоох салайыныы уорганыгар дьиэни-уоту тупсарыыга учуокка турар, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр биэс сылтан итэҕэһэ суох олорор ыаллар дьиэ  тутталларыгар (атыылаһалларыгар) биир кэмнээх социальнай төлөбүр бэриллэр. Кээмэйэ – дьиэ сыанатын 35 %-а.

5. Үс уонна онтон элбэх оҕолоох ыалларга сир учаастагын оннугар биир кэмнээх харчынан көмө бэриллэр.

Көмө бу көрүҥэ Арассыыйа Федерациятын кыраасдааннарыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин олохтоохторугар, босхо сир учаастагын ылар бырааптаахтар испииһэктэригэр киирбит ыалларга бэриллэр.  Кээмэйэ – 200 000 солкуобай.

6. 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри бастакы уонна салгыы оҕолорун төрөппүт ыалларга, икки уонна онтон элбэх сааһын ситэ илик оҕолоох дьиэ кэргэннэргэ итиэннэ инбэлиит оҕолоох ыалларга чэпчэтиилээх ипэтиэкэ кирэдьиитэ бэриллэр.

Бу чэпчэтиинэн Арассыыйа Федерациятын кыраасданнара туһанар бырааптаахтар. Ипэтиэкэ кирэдьиитин 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри түһэрсиэххэ сөп этэ. Бастакы усунуос кыбартыыра сыанатын 15 %-ыттан итэҕэһэ суох буолуохтаах. Кирэдьиит сыллааҕыта 6 %, болдьоҕо 30 сылга диэри.

7. 2018 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри бастакы уонна салгыы оҕолорун төрөппүт, икки уонна онтон элбэх сааһын ситэ илик оҕолоох итиэннэ инбэлиит оҕолоох, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка олорор, онно дьиэ ылар ыалларга чэпчэтиилээх ипэтиэкэ кирэдьиитэ бэриллэр.

Маннык чэпчэтиинэн Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка олорор уонна онно дьиэ ылар ыаллар, Арассыыйа Федерациятын кыраасданнара туһанар бырааптаахтар. Ипэтиэкэ кирэдьиитин дуогабарын 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри түһэрсиэххэ сөп. Бастакы усунуос кыбартыыра сыанатын 15 %-ыттан итэҕэһэ суох буолуохтаах. Кирэдьиит сыллааҕыта 5 %, болдьоҕо 30 сылга диэри.

8. Ипэтиэкэ кирэдьиитин барытын эбэтэр сороҕун сабыы.

Уһук Илиҥҥи эрэгийиэҥҥэ олорор, ипэтиэкэнэн кыбартыыра ылбыт, дьиэ туттубут эбэтэр сир учаастагын атыыласпыт ыал 2019 сылтан үһүс уонна салгыы оҕотун төрөппүт түбэлтэтигэр, ипэтиэкэтин кирэдьиитин сабарыгар анаан, 450 000 солкуобайтан итэҕэһэ суох харчы көрүллэр. Онуоха ипэтиэкэ кирэдьиитин дуогабара 2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри түһэрсиллибит буолуохтаах. Көмө бу көрүҥэ тустаах ыалга биирдэ эрэ бэриллэр.

Билигин федерация таһымынан бу бырагыраама болдьоҕун уһатар туһунан кэпсэтии ыытылла сылдьар.

Намыһах ыстаапкалаах ипэтиэкэ кирэдьиитэ («Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ»).

2019 сыл ахсынньы 1 күнүттэн 2024 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри бэриллибит кирэдьииттэргэ дьайар.

Уһук Илиҥҥи ипэтиэкэ кирэдьиитэ 36 саастарын туола илик эдэр ыалга уонна сааһын ситэ илик оҕолоох, 36 сааһын туола илик аҥаардас төрөппүккэ бэриллэр. Сыллааҕыта 2%.

Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил Ефимович Николаев көҕүлээһинэн, социальнай өйөбүлү таһынан, дьиэ кэргэни уонна оҕо аймаҕы моральнай-психологическай, этическэй өттүнэн өйүүр көдьүүстээх дьаһаллар олохтоммуттара.

Оҕо аймах уонна оҕо успуордун сыллара

Оҕо аймах доруобуйатын туругун тупсарар, оҕо успуордун сайыннарар, оҕо тэрилтэлэрин баазаларын тупсарар сыалтан, Михаил Ефимович 1999-2000 сс. Оҕо аймах уонна оҕо успуордун сылларынан биллэрбитэ. Оҕо аймах уонна оҕо успуордун сылларын бэлиэ түгэнинэн 2000 с. ыытыллыбыт «Азия оҕолоро» II норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара буолбута. «Туймаада» стадион, «Эллэй Боотур» муус дыбарыаһа, «Кыайыы 50 сыла» успуорт дыбарыаһа, «Долгун» бассейн, «Модун» комплекс тутуллубуттара. «Азия оҕолоругар» 14 дойдуттан 1 788 оҕо кыттыбыта, 135 кэмпилиэк мэтээл оонньоммута.

Ол кэнниттэн үйэ чиэппэрэ буолан баран, быйыл сайын Оҕо аймах сылын чэрчитинэн, «Азия оҕолоро» VIII норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньуулара буолан аастылар. Ону көрсө тоҕус успуорт эбийиэгэ хапытаалынайдык өрөмүөннэннэ, үс саҥа эбийиэк тутулунна. 25 дойдуттан 3,5 тыһыынча эдэр спортсмен кэлэн, 24 көрүҥҥэ күөн көрүстэ. 239 кэмпилиэк мэтээл оонньонно.

Бастакы кыайыылаахтар

Оҕо аймах уонна оҕо успуордун сылларын биир сүрүн соругунан дьиэ кэргэни өйөөһүн буолбута. Өрөспүүбүлүкэ таһымынан «Сыл дьиэ кэргэнэ» куонкурус, «Аҕам, ийэм уонна мин – спортивнай дьиэ кэргэммит» күрэхтэһии ыытыллыбыттара.

«Бигэ туруктаах ыал – дьоллоох оҕо саас» девиһинэн ыытыллыбыт «Сыл дьиэ кэргэнэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус «Көс ыал», «Устудьуон ыал» уонна «Куорат ыала» диэн номинациялардаах этэ.

«Сыл дьиэ кэргэнэ – 2000» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус бастакы кыайыылаахтарынан Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин элбэх оҕолоох Евдокия Петровна уонна Афанасий Николаевич Поповтар буолбуттара. 2002 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастыҥ ыалларыгар анаммыт «Бочуот кинигэтигэр» киллэриллибиттэрэ.

Билигин Афанасий Николаевич – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Таатта улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, биллиилээх олоҥхоһут, Үөһээ Бүлүүгэ 2022 с. ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын «Кылаан чыпчаал» бирииһин туппута, Евдокия Петровна – Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, «Таатта улууһун култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайката, «Төрөппүт Албат аата» уордьан мэтээлин квалера.

Ытык ыал оҕолоро сэттиэн олохторун суолун булуммут дьоһун дьон. Ол курдук, улахан уол Николай  Суорун Омоллон аатынан Опера уонна балет судаарстыбаннай тыйаатырын солиһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа. Үс оҕолоох ыал аҕата. Улахан кыыс Мария Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун преподавателэ. Үс оҕолоох ыал ийэтэ. Орто кыыс Анастасия «Алмаасэргиэнбаан» сүрүн исписэлииһэ, икки оҕолоох ыал ийэтэ. Орто уол Петр Санкт-Петербургтааҕы М.П. Мусоргскай аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырын аркыастырын артыыһа. Икки оҕолох ыал аҕата. Кыра уол Афанасий «Арт-Алгыс» чааһынай полиграфическай тэрилтэлээх, «Happy Chuck» ансаамбылга дьарыктанар. Биир уоллаах ыал аҕата. Кыра кыыс Нина идэтинэн картограф. Икки оҕолоох ыал ийэтэ.

«Сыл дьиэ кэргэнэ – 2024» кыайыылаахтара

Быйылгы «Сыл дьиэ кэргэнэ – 2024» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһии үгэс курдук көхтөөхтүк ыытылынна. «Дьиэ кэргэн – төрүт үгэстэри араҥаччылааччы» номинацияҕа Елена Григорьевна, Николай Афанасьевич Рязанскайдар (Амма), «Тыа ыала» номинацияҕа Марфа Ивановна, Руслан Афанасьевич Сидоровтар (МэҥэХаҥалас), «Иитиэх дьиэ кэргэн» номинацияҕа Оксана Алексеевна, Александр Иванович Павловтар (Дьокуускай к.), «Эдэр ыал» номинацияҕа Валерия Гаврильевна, Константин Афанасьевич Владимировтар (Ньурба), «Элбэх оҕолоох ыал» номинацияҕа Розалия Степановна, Валерий Гаврильевич Новгородовтар (Нам), «Көс ыал» номинацияҕа Елена Степановна, Василий Викторович Соловьевтар (Муома),  «Көмүс дьиэ кэргэн» номинацияҕа Розалия Антоновна, Иннокентий Иннокентьевич Алексеевтар (Сунтаар) бэлиэтэннилэр. Кыайыылаахтар Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска кыттыахтара.

Аҕа суолтатын үрдэтэн

Дьиэ кэргэҥҥэ уонна уопсастыбаҕа аҕа оруолун үрдэтэр инниттэн, Бастакы Бэрэсидьиэн ыйааҕынан, 1999 сыллаахха Аҕа күнэ, «Ытык Аҕа» бэлиэ олохтоммута. Бастакы нүөмэрдээх бэлиэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хорообут нэһилиэгин олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, 10 оҕолоох ыал аҕата Николай Петрович Тастыгиҥҥа туттарыллыбыта.

2000 сыллаахха «Ытык Аҕа» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус ыытыллыбыта. Кыайыылаахтарынан тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, 9 оҕолоох ыал аҕата Иннокентий Николаевич Скрябин (Хаҥалас, Нөмүгү), сэрии бэтэрээнэ, 8 оҕолоох ыал аҕата Дмитрий Дмитриевич Елегяев (Ньурба, Чаппанда) уонна тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, 7 оҕолоох ыал аҕата Дмитрий Гаврильевич Корякин (Абый, Майыар) буолбуттара.

2002 сыллаахха вице-бэрэсидьиэн Александр Акимов дьаһалынан олохтоммут «Ытык Аҕа» бэлиэнэн Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгин олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, 14 оҕолоох (ол иһиттэн 10 уола аармыйаҕа сулууспалаан, Ийэ дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин төлөөбүттэр) ыал аҕата Семен Васильевич Игнатьев, Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ, Үлэ Албан аат уордьан кавалера, 9 оҕолоох ыал аҕата Николай Иванович Сивцев бэлиэтэммиттэрэ.

«Ытык Аҕа» бэлиэ ааспыт сылларга үстүү аҕаҕа бэриллибит буоллаҕына, Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан быйылгыттан алталыы аҕа бэлиэтэнэр буолла: үс аҕа – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Аҕа күнүнэн (муус устар бастакы өрөбүлүгэр), үс аҕа – Арассыыйа Федерациятыгар Аҕа күнүнэн (алтынньы үһүс өрөбүлүгэр). Бу судаарыстыбаннай наҕарааданы кытары 100 000 солк суумалаах биир кэмнээх биһирэбил бэриллэр.

Быйыл бу Бочуоттаах бэлиэни туттулар: 12 оҕолоох, 29 сиэннээх, 36 хос сиэннээх Яков Иванович Лавров (Чурапчы), 10 оҕолоох, 37 сиэннээх, 3 хос сиэннээх Дмитрий Николаевич Яковлев (Ньурба), 11 оҕолоох, 19 сиэннээх, 19 хос сиэннээх Семен Семенович Яковлев (Амма).

Аҕа уолунаан

«Аҕа күрэҕэ» 1999 сылтан тэриллэр. «Орто дойду» туристическай кииҥҥэ ыытыллыбыт бастакы күрэхтэһиигэ 14 улуустан аҕалар уолаттарын илдьэ кэлэн кыттыбыттара. Бу күрэхтэһии билигин өссө кэҥэтиллэн, ис хоһооно байытыллан ыытыллар. Ол курдук, быйыл Мэҥэ Хаҥалас улууһугар буолбут күрэхтэһиигэ Амма Чакырыттан кэлэн кыттыбыт Николай Федоров уола Аркадийдыын кыайыылааҕынан тахсан, Ил Дархан бириэмийэтин (300 000 солк.) туттулар. Иккис миэстэни – Бүлүүттэн Дмитрий Иванов уола Дьулусханныын (150 000 солк.), үһүс миэстэни – Уус Алдантан Руслан Попов уола Ильялыын (100 000 солк.) ыллылар.

Былырыын, Арассыыйа Федерациятыгар Аҕа күнүн чэрчитинэн, «Сыл аҕата» куонкурус тэриллибитэ. 11 улуустан 19 хамаанда кыттыбытыттан, Леонид Дмитриевич Солкин (Алдан) – бастакы, Виктор Васильевич Семенов (Дьокуускай к.) – иккис, Дьулус Спартакович  Кардашевскай –үһүс миэстэни ылбыттара.

Дьиэ кэргэн килбиэнэ

Быйыл, от ыйын 16 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев дьиэ кэргэн, ыал буолуу институтун бөҕөргөтөр, үгэс буолбут дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө тутар, харыстыыр, дьиэ кэргэҥҥэ уонна уопсастыбаҕа төрөппүт аатын үрдэтэр сыалтан, «Дьиэ кэргэн килбиэнэ» диэн бэлиэни олохтуур туһунан ыйааҕы таһаарда. Бу бэлиэнэн 50 сыл бииргэ олорбут, үбүлүөйдээх сылларын бэлиэтиир, оҕону иитиигэ ураты үтүөлээх, дьиэ кэргэн сыаннастарын өрө туппут ыаллар наҕараадаланыахтара.

Дьиэ кэргэни, ыалы социальнай, моральнай уонна духуобунай өттүнэн өйөөһүн дьаһаллара Саха Өрөспүүбүлүкэтин сүрүн сыаннаһын, ыалы бөҕөргөтөргө тирэх буолаллар.

Александр Пахомов,

экэниэмикэ билимин дуоктара, Арассыыйа Естественнай билимҥэ академиятын академига, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.

Хаартыскалар ааптар архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
25 ноября
  • -27°C
  • Ощущается: -34°Влажность: 76% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: