Хаартыска: СИА
Айылҕа уһуктар, от-мас көҕөрөн, киэркэйэн барар. Иэйиэхсит — тыыннаах айылҕа таҥарата. Кини эйэҕэс, амарах, куһаҕантан сэрэтэр, араҥаччылыыр. Сиргэ Иэйиэхсит түстэҕинэ, уйгу-быйаҥ үөскүүр.
Ыам ыйын битэ-билгэтэ
Ыам ыйа — сэтинньини батыһар.
6 — Дьөгүөрэйэп күнэ. Эрдэлээбит кус кэлэр. Бу күн тымныйдаҕына, хатааһыннаах буолар.
7 — туруйа кэлэр.
8 — ырыаһыт чыычаахтар кэлэр кэмнэрэ.
13 — бу күн ичигэс, ыраас түүн буоллаҕына, ардаҕа суох сайыҥҥа.
14 — Дьэрэмиэйэп күнэ. Ыһыы саҕаланар. Үчүгэй күн буоллаҕына — сир аһа өлгөмнүк үүнэр. Хаҕыс күн — кыһына тымныыга.
15 — уу оҕуһа мөҥүрүүр, чөкчөҥө кэлэр.
19 — бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүн элбэх оҕурсуну хомуйуоҥ.
22 — Сааскы Ньукуолун. Кыһыҥҥы хонук бүтэн, сайыҥҥы кэм үүнэр. Мутукча көҕөрөр, кэҕэ этэр, күөрэгэй ыллыыр, өтөн көтөр. Хаас үөһээнэн аастаҕына, уулаах саас.
25 — Лөкүөрүйэ күнэ. Бырдах түһэр.
28 — бу күн сылаас буоллаҕына, сылаас сайыҥҥа.
Ардахтаах сайын буоларыгар
Дулҕа сиэлэ эрдэ хараарар.
Кыһын буурҕалаах буолар.
Кыһын кырыа элбэх буолар.
Тойон ыҥырыа саас аҕыйах буолар.
Хатыҥ уута элбэх буолар.
Сайын тымныйарыгар
Киэһээҥҥи ыамҥа ынах синньэ сөрүүн буолар.
Куурусса төбөтүн кынатын анныгар уктан утуйар.
Туман киэһээ эрдэ күөл үрдүгэр тэлгэнэр.
Тымныы, кылгас сайын буоларыгар
Тураахтар халдьаайы сиргэ, күн уота элбэхтик көрөр өттүгэр, уйаларын оҥостоллор.
Хатыҥ хойутуу тыллар.
Кураан буоларыгар ооҕуй ситимэ элбэхтик көтөр.
Ичигэс сайын буоларыгар, көтөр уйатын саас тиит күлүгэр туттар.
Саха ыалын халандаарыттан
Хаартыска: интэриниэттэн
Ааспыт нэдиэлэҕэ ДНӨ уонна Белгород уобалаһын тирэх пууннарын үлэһиттэрэ Саха сирин байыастарыгар 188 аадырыстаах баһыылканы…
Электроннай табахтан, вейптан аккаастаныы "Давай бросать" диэн марафон саҕаланна. Биир санаалаахтар никотинтан тутулуктаах буолууну бохсорго…
"Буойун" киин «ВОИН.КИНО» бырайыагы билиһиннэрдэ. "Буойун" киин бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ, Госдума дьокутаата, ЛНӨ дьоруойа Виктор Водолацкай…
Бүгүн үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэ күнүгэр Хаҥалас улууһун олохтоохторо тахсаннар кытылы бөхтөн-сыыстан ыраастаатылар. …
Түөкүттэр социологическай ыйытыылары биэрбитэ буолан, кэпсэтиннэрэ сатыыллар. Сыаллара-соруктара – куоласкын уһултара охсуу. Ол кэнниттэн эн…
Быйыл олунньуга Нерюнгрига элбэх кыбартыыралаах дьиэ иннигэр муустан халтарыйан, биирдээх оҕотун көтөҕөн испит ийэ охтубут.…