Ыам ыйыгар бэриллэр биэнсийэ кыраапыга бигэргэннэ

Share

Социальнай  пуонда  Саха сиринээҕи салаата   биэнсийэ уонна социальнай төлөбүрдэр ыам ыйыгар бэриллэр  кыраапыктарын хайыы-үйэ бигэргэттэ.

Ол курдук өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар почта отделениелара ыам ыйын 5- 6 күннэригэр бэриллэр биэнсийэни ыам ыйын төрдүһүгэр,  7, 8 күннэргэ төлөнүллэри бэһискэ, 9-ка  бэриллэри ыам ыйын 6 күнүгэр аһардыахтара.

Ыам ыйын 7, 8, 9 күннэрэ өрөбүллэр. Ити кэнниттэн биэнсийэ кыраапыгынан бэриллиэҕэ.

Дьокуускай куорат уонна аттынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннарга  ыам ыйын 9 күнүгэр түһүөхтээх биэнсийэ уонна социальнай төлөбүр ыам ыйын 4 күнүгэр бэриллиэҕэ. Салгыы кыраапык быһыытынан төлөнүөҕэ. Ыам ыйын 9 күнэ өрөбүл.

Кирэдьиитинэй тэрилтэлэр ыам ыйын 8 күнүгэр  бэриллэри, дуогабарга усулуобуйатынан бырааһынньык иннинээҕи бүтэһик оробуочай күҥҥэ, ол эбэтэр ыам ыйын 5 күнүгэр түһэриэхтэрэ. Уоннааҕытын кыраапык быһыытынан аһардыахтара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

13 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

13 часов ago