Салгыы
Ыам ыйыгар ханнык күннэргэ магнитнай буурҕалар түһүөхтэрэй?

Ыам ыйыгар ханнык күннэргэ магнитнай буурҕалар түһүөхтэрэй?

02.05.2024, 18:40
Хаартыска: СИА.
Бөлөххө киир:

Муус устар 30 күнүгэр уонна ыам ыйын 1 күнүгэр Күҥҥэ күүстээх эстиилэр буоллулар. Онон ыам ыйын 3 күнүгэр Сиргэ магнитнай буурҕа түһүөн сөп диэн Прикладной геофизика института иһитиннэрэр.

Хаартыска: "Красный Север".

«Ыам ыйын 1 күнүгэр Москва бириэмэтинэн түүн 2 чаас 46 мүнүүтэҕэ M9.5 диэн регистрацияламмыт, 41 мүнүүтэ уһуннаах эстии буолбута. Муус устар 30 күнүгэр М кылаастаах үс, С кылаастаах аҕыс эстии буолбута. Ол иһигэр (М1.3/SF) эстиигэ  корональнай маасса Сир диэки туһуламмыта», — диэн институт гелиогеофизическэй сулууспата иһитиннэрэр.

Күҥҥэ эстиилэр рентген сардаҥаларын күүһүттэн тутулуктанан, 5 кылааска  (A, B, C, M, X) арахсаллар. Саамай кырата — A0.0, Сиргэ тиийиитигэр 1 кв.м. сиргэ 10 нановаттка тэҥнэһэр. Иккис кылааска бу күүһэ 10 төгүл улаатар.

Онтон Космическай чинчийии институтун учуонайдара этэллэринэн, быйыл ыам ыйыгар уонна бэс ыйыгар Күн актыыбынаһа күүһүрэн турар. Кэмиттэн кэмигэр Күҥҥэ эстиилэр мөлтөөн баран, күүһүрэн, эргийэн кэлэ тураллар. Оччотугар Сиргэ магнитнай буурҕалар түһэллэр. Муус устар ый ортотугар 4 бааллаах магнитнай буурҕа түспүтэ, ол иһин Саха сирин үрдүнэн дьүкээбил суһумнаан ылбыта.

Ыам ыйыгар сабаҕаланар магнитнай буурҕалар:

Мөлтөх буурҕалар — ыам ыйын 1-3, 5-6, 20 күннэригэр;

Орто буурҕалар — ыам ыйын 12-13, 24-27 күннэригэр.

Мөлтөх буурҕалар 1-2 бааллаахтар, орто буурҕалар 3-4 бааллаах буолаллар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
2
+1
1
+1
1
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -35°C
  • Ощущается: -35°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: