Ыам ыйыгар сорохторго босуобуйа суох буолар

Ыам ыйынааҕы уһун өрөбүллэр буолалларынан, босуобуйалары түҥэтии кыраапыга уларыйда диэн Үлэ, социальнай сайдыы министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Ол курдук, Социальнай пуонда биэрэр босуобуйалара ый 3-с чыыһылатыгар кэлэр буоллахтарына, бу сырыыга эрдэ кэлиэхтэрэ — муус устар 30 күнүгэр.
Социальнай пуонда 17-гэр диэри саастаах оҕолор босуобуйаларын, 1,5 сааһыгар диэри оҕону көрөн олорууга, бастакы оҕо 3 сааһын туолуор диэри бэриллэр босуобуйалары, уо.д.а. биэрэр. Бу босуобуйалар муус устар 30 күнүгэр түһүөхтэрэ.
Онон ыам ыйыгар босуобуйа суох буолар, кэлэр босуобуйа бэс ыйын 3 күнүгэр, кыраапык быһыытынан түһэр. Ол эбэтэр, муус устарга босуобуйаны икитэ ылаллар.
Кэлэр нэдиэлэҕэ 2-3 күн эрэ үлэ күнэ баар (өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн хамнастанар тэрилтэлэр үлэһиттэрэ бэнидиэнньиккэ, муус устар 28 күнүгэр өрүүллэр), биэс күн өрүүбүт.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: