Ыам ыйыгар уоппуска ылар тоҕо барыһа суоҕун эспиэр кэпсээтэ
Ыам ыйыгар бырааһынньыга элбэх, үлэ күнэ аҕыйах буолан, Арассыыйа олохтоохторо ыам ыйыгар уоппуска ылаллара барыһа суоҕун туһунан үлэ быраабын экспиэрэ Татьяна Нечаева РИА Новости иһитиннэрбит.
“Харчы өттүнэн ылан көрдөххө, уоппускаҕа барарга ыам ыйа саамай табыгаһа суох ый. Төһөнөн үлэ күнэ элбэх, бырааһынньыга аҕыйах да, соччонон уоппуска харчыта элбэх буолар. Уоппускаҕа бырааһынньык күннэрэ эрэ ааҕыллыбаттар, онно бииргэ турар өрөбүллэр буолбатах”, — диэн Нечаева этэр.
Уоппускаҕа ыам ыйынааҕы бырааһынньык күннэрин киллэрэргэ, ыам ыйын 1 уонна 9 күнэ уоппускаҕа ааҕыллыбаттар уонна уоппускаҕа икки күн эбиллэн биэрэр. Ыам ыйын атын күннэрэ – бырааһынньыкка сыһыарыллыбыт (присоединенные) күннэр, бу күннэргэ уоппуска уһаабат диэн быһаарда.
“Уоппуска харчыта ыйга төһө элбэх үлэ, сынньалаҥ күнэ баарыттан тутулуктаах. Үлэ күнэ төһөнөн элбэх да, соччонон уоппускаҕыт харчыта элбэх. Өскөтүн эһиги нэдиэлэҕэ биэс күн үлэлиир буоллаххытына, уоппуска ыларга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа (23 үлэ күнэ), атырдьах ыйа (22 үлэ күнэ) эбэтэр алтынньы (23 үлэ күнэ)” – диэн эспиэр чопчулуур.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: