Ыам ыйыгар уоппуска ылар тоҕо барыһа суоҕун эспиэр кэпсээтэ

Share

Ыам ыйыгар бырааһынньыга элбэх, үлэ күнэ аҕыйах буолан, Арассыыйа олохтоохторо ыам ыйыгар уоппуска ылаллара барыһа суоҕун туһунан үлэ быраабын экспиэрэ Татьяна Нечаева РИА Новости иһитиннэрбит.  

“Харчы өттүнэн ылан көрдөххө, уоппускаҕа барарга ыам ыйа саамай табыгаһа суох ый. Төһөнөн үлэ күнэ элбэх, бырааһынньыга аҕыйах да, соччонон  уоппуска харчыта элбэх буолар. Уоппускаҕа бырааһынньык күннэрэ эрэ ааҕыллыбаттар, онно бииргэ турар өрөбүллэр буолбатах”, — диэн Нечаева этэр.

Уоппускаҕа ыам ыйынааҕы бырааһынньык күннэрин киллэрэргэ, ыам ыйын 1 уонна 9 күнэ уоппускаҕа ааҕыллыбаттар уонна уоппускаҕа икки күн эбиллэн биэрэр. Ыам ыйын атын күннэрэ – бырааһынньыкка сыһыарыллыбыт (присоединенные) күннэр, бу күннэргэ уоппуска уһаабат диэн быһаарда.

“Уоппуска харчыта ыйга төһө элбэх үлэ, сынньалаҥ күнэ баарыттан тутулуктаах. Үлэ күнэ төһөнөн элбэх да, соччонон уоппускаҕыт харчыта элбэх. Өскөтүн эһиги нэдиэлэҕэ биэс күн үлэлиир буоллаххытына, уоппуска ыларга саамай табыгастаах ыйдарынан от ыйа (23 үлэ күнэ), атырдьах ыйа (22 үлэ күнэ) эбэтэр алтынньы (23 үлэ күнэ)” – диэн эспиэр чопчулуур.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

“Мин бастакы идэм” бырайыак ыччаты өйүүр

Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…

18 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Уус-Ньараҕа сылааһынан хааччыйыы тиһигин саҥардыахтара

Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…

49 минут ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

Бүтүн Арассыыйатааҕы «Родители онлайн» пуорумҥа кытынныбыт

Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…

1 час ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Тымныыттан, дьаҥтан хайдах харыстанабыт?

Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…

2 часа ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Ленскэйгэ оһоҕунан оттуллар дьиэ умайда, Уус Маайаҕа оҕо массыынаҕа киирэн биэрдэ

Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айылҕаттан иэйии ылар тыа сирин худуоһунньуга

Айылҕаттан айдарыылаах айар куттаах худуоһунньуктар тыа сиригэр үгүстэр. Биир оннук, нууччалыы эттэххэ, “самородок” худуоһунньугунан Хаҥалас…

2 часа ago