Ыам ыйыгар тугу олордобут?

Ыам ыйыгар тугу олордобут?

01.05.2024, 16:00
Хаартытска: Photo by form PxHere
Бөлөххө киир:

Дойдуга хааччахтааһынынан, экология киртийиитинэн сибээстээн, ис ырыынагы сайыннарыыга, олохтоох аһы-үөлү, оҕуруот аһын дэлэтиигэ улахан болҕомтону уураллар. Бэйэ ылбыт сиэмэтин хааччыныы эмиэ улахан оруоллаах. Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет ойуур комплексыгар уонна сири оҥорууга факультетын агрономия уонна химия кафедратын старшай преподавателэ Мария Лукина пекинскэй хаппыыстаны олордууга үгүс сыллаах уопутуттан үллэстэр.

ПЕКИНСКЭЙ ХАППЫЫСТА

Кэлин Саха сирин олохтоохторо пекинскэй хаппыыстаны биһирээн эрэллэр. Кини 25–45 хонук иһинэн аһын биэрэр. АГАТУ пекинскэй хаппыыстаны олордон атыыга таһаарбыппыт икки сыл буолла. Бу хаппыыстаны сайын устата иккитэ олордуохха сөп. Ол курдук, ыам ыйыгар олордон баран, бэс ыйыгар аһын быһан иккиһин олортоххо, атырдьах ыйыгар иккис аһын ылыллар.

СУОРТАР:

Наина F1 – эрдэ ситэр, атыыга таһаарарга табыгастаах гибрид суорт. Качаана орто кээмэйдээх буолар, аһа ситиэр диэри 45 суукка ирдэнэр. Ыйааһына – 2 кг, сүрэҕэ араҕастыҥы дьүһүннээх, уһун ньолбоҕор (эллипсовидный) быһыылаах, сымнаҕас, уулаах эттээх. Бу суорт күннээх сири ордорор, кыра күлүгү тулуйуон сөп.

Нежность – пекинскэй хаппыыста саамай эрдэтээҥҥи суорда. Түргэнник улаатар, аһын ситэр. Уһун, ньолбоҕор сабыылаах быһыылаах кочаннаах, сөбүгэр чиҥ. Ортото араҕастыҥы өҥнөөх, тымырдара хотоҕор уонна кэтит. Сэбирдэҕэ тура сылдьар, орто кээмэйдээх. Бу суорт элбэх битэмииннээҕинэн биллэр. Ордук салаакка барсар, уһуннук харайыллыбат.

Родник – Саха сиригэр оройуоннаммыт “Родник” диэн суорду сиэмэнэн 1–1,5 см дириҥҥэ ыһан эбэтэр 3-4 сэбирдэхтээх арассааданан саас эрдэ бүрүөһүнүнэн сабан, 20-25×10-12 см исхиэмэнэн үүннэриэххэ сөп. Бүрүөһүн анныгар үүммүт хаппыыста сабыыта суох үүммүттээҕэр 7—10 хонук эрдэ ситэр.

Салаат оҥорорго 25-30 хонугунан сэбирдэхтээҕи, 50-60 хонугунан кочаны хомуйаллар.

КӨРҮҮ-ХАРАЙЫЫ:

Пекинскэй хаппыыстаны тэпилииссэҕэ да, аһаҕас даҕаны сиргэ олордуохха сөп. Сиэмэтэ +3°С сылааска үүммүтүнэн барар, үүнэргэ сөптөөх температурата + 15 +20°С буолар. Хаһыҥы тулуйумтуо уонна ууну көрдүүр. Бу хаппыыстаны үксүн салаат онорорго туһаналлар. Ону таһынан мииҥҥэ куталлар, бүтэйдии сабыылаах иһиккэ буһараллар.

Көннөрү хаппыыста курдук олордуллар. Пекинскэй хаппыыста салааттыҥы курдук үүнэр, синньигэс уһун кочаннанар. Кочанын үчүгэйдик туттун диэн 5-6 сүрүн сэбирдэҕэ үүммүтүн кэннэ, тас сэбирдэхтэрин быанан, эрэһиинэнэн бииргэ хомуйан бүрүйэ тутар ордук. Оччоҕо сэбирдэҕэ үүнэн тэнийбэт, ыһыллыбат, бииргэ түмүллэр.

Ууну сөбүлүүр эрээри, олус үлүһүйэн куттахха, силиһэ сытыйан хаалыан сөп. Бу хаппыыста арыый кураанах соҕус буолан белокачаннай хаппыыста курдук үөҥҥэ-көйүүргэ улаханнык ылларбат. 1 кв.м 6 хаппыыстаны олордуохха сөп.

Хайаан даҕаны уоҕурдуу кутуллар. Холобур, күлүнэн аһатыыга 1 ыстакаан күлү 10 лиитирэ ууга суурайыллар. 1 ыстакаан бэлэм уоҕурдууну 1 кв.м суоттанан кутуллар.

Арассааданан үүннэриллибиттээҕэр, тута буорга  үүннэриллибит хаппыыс­та силиһэ модьу-таҕа, хойут ситэригэр элбэх ууну ирдээбэт, эрдэ астанар. Сиэмэнэн олордорго кирээдэ буорун үчүгэйдик көбүтүллэр, туох-баар хаалбыт силиһи ыраастаныллар. Кирээдэ устун 4-5 см дириҥнээх дьаама хаһыллар. Сиэмэни марганцовкалаах ууга илитэн баран таһааран хатарыллар. Сиэмэни 20-25 см арыттаах гына 3-4 устууканы уган буорунан сабыллар уонна өлгөмнүк уу кутуллар. Буортан быган улаата түспүтүн кэннэ 1 эрэ устууканы хаалларан баран, атыттарын тонууллар.

Арассааданан үүннэрии­гэ белокачаннай хаппыыстаттан уратыта диэн, түүнүн 12 0°С түһэриллиэ суохтаах, онтон күнүһүн 15-18 °0С тутуллуохтаах. Оннук гымматахха, намыһах температураҕа уһаан хаалар (стрелка).

Сыыс оту кэмигэр үргүүр уонна буорун көбүтэр ирдэнэр. Сылаас, балачча кэм турбут ууну кутуллар. Уутун угун төрдүгэр кутуллар. Сезон устата 2-3 эбии аһатыллар.

Дьон көрдөһүүтүнэн былырыыҥҥыттан пекинскэй уонна үрүҥ астаах (белокочаннай) хаппыыста (“Слава 1305”, “Грибовская 37”, “Июньская ранняя”) арассаадаларын атыылаабыппыт. Быйыл ыам ыйын ортотуттан арассаада бары көрүҥнэрин атыыга таһаарыахпыт.

Архыыптан.

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -20°C
  • Ощущается: -20°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: