Ыам ыйын 14 күнүгэр Турция олохтоохторо бэрэсидьиэннэрин уонна дьокутааттарын талыахтара. Бу быыбары аан дойду барыта кэтии олорор. Турция биир өттүнэн НАТО чилиэнэ буолар, иккиһинэн, кэлиҥҥи сылларга Арассыыйаҕа бу быыбар түмүгэ тугунан дьайыаҕай?
Турция быыбардыыр систиэмэтэ 2007 сыллаах референдум кэнниттэн улаханнык уларыйан турар. Өскөтүн эрдэ бэрэсидьиэн парламенынан бигэргэтиллэр буоллаҕына, 2014 сылтан дойдуга бүттүүн куоластааһын киирэн, норуот бэйэтэ талар буолбута. Бүттүүн куоластааһынынан талыллыбыт бастакы бэрэсидьиэнинэн Реджеп Тайип Эрдоган буолар. Манна даҕатан эттэххэ, 2017 сыллаахха референдум ыытыллан, Турция Төрүт сокуонугар уларыйыылар киирбиттэрэ. Биир сүрүн уларыйыынан өрөспүүбүлүкэҕэ премьер-миниистир диэн суох буолбута, онон Турция бүүс-бүтүннүү бэрэсидьиэн салалтатыгар киирбитэ. Бу түмүгэр Эрдоган үһүс болдьоҕор бэрэсидьиэн быыбарыгар кыттар быраабы ылбыта.
Бэрэсидьиэн быыбарын кытары тэҥҥэ парламент дьокутааттара талыллаллар. Онон 2014 сылтан бэттэх Турцияҕа хас биэс сыл аайы икки улахан быыбар тэҥинэн ыытыллар. Куоластааһын биир күн буолар. Ол эрээри тас дойдуга олорор куоластыыр бырааптаах дьон быыбар буолуон үс нэдиэлэ иннинэ куоластыы туруохтарын сөп.
Ааспыт нэдиэлэҕэ Быыбар үрдүкү сэбиэтэ (Быыбар киин хамыыһыйата) бэрэсидьиэн быыбарын бүлүтүөнүн бигэргэппитэ. Онно түөрт хандьыдаат киирбитэ. Бастакы нүөмэринэн – билигин бэрэсидьиэннии олорор Реджеп Тайип Эрдоган.
Реджеп Тайип Эрдоган бу үһүс быыбара буолар. 2018 сыллаахха иккиһин бэрэсидьиэн буолбута. Бэрэсидьиэнинэн талыллыан иннинэ өрөспүүбүлүкэ премьер-миниистиринэн, 90-с сыллардаахха Стамбул баһылыгынан үлэлии сылдьыбыта.
2001 сыллаахха Кырдьык уонна сайдыы баартыйатын тэрийбитэ. Өскөтүн 2014 сыллаахха баартыйа быыбарга күүскэ кыттан, парламеҥҥа бэйэтин дьокутааттарын туруорбут буоллаҕына, 2018 сыллаахха буолбут быыбарга баартыйа парламеҥҥа баһыйар үгүс куолаһы кыайан ылбатаҕа. Онон Эрдоган Национальнай хамсааһын баартыйатын салайааччытын Девлет Бахчелины кытары сөҥнөһөн, сокуону ылыныыга бу биэс сыл устата үлэлээн кэллэ. Быйылгы быыбарга эмиэ бу икки баартыйаттан бэйэтин кандидатуратын туруорунна. Ону таһынан парламент быыбарыгар билигин миниистирдии олорор дьонун кытары туруорда. Холобур, вице-бэрэсидьиэн Фуат Октай Анкараттан, ис дьыала миниистирэ Сулейман Сойлу Стамбултан, тас дойдулар дьыалаларын миниистирэ Мевлют Чавушоглу Антальяттан дьокутаакка туруохтара. Итини эспиэртэр дойдуну салайан олорон баартыйа быыбарга күүстээх хардыыны оҥордо диэн сыаналыыллар.
Ааҕааччым, Эрдоган билигин арҕааҥҥы дойдулары уонна Арассыыйаны кытары сыһыана хайдаҕый диэн чуҥнуу олорор буолуохтааххын. Бу ыйытыыга хоруй быһыытынан Турция бэрэсидьиэнин икки этиитин аҕалабын.
“Бу быыбарынан Турция арҕааҥҥы дойдуларга бэйэтин куолаһын иһитиннэриэҕэ. Биһиги дойдубут арҕааҥҥы дойдулар туох дииллэринэн аны олоруо суоҕа. Оборуонабыт бырамыысыланнаһа 20 бырыһыантан 80-ҥа тиийэ улаатта. Арҕааҥҥы дойдулар Эрдоганы утарабыт дииллэр. Дьиҥэр ыллахха, бу миигин эрэ утарыы буолбатах, маны мин бүтүн биһиги норуоппутун, дойдубутун утарыы быһыытынан сыаналыыбын. Онон ыам ыйын 14 күнүгэр буолар быыбар дойдубут устуоруйатыгар ураты быыбар буолуоҕа”, – диэн “CNN Türk” ханаалыгар эппитэ баар.
Кини бу этиитэ оруннаах. 2016 сыллаахха Турцияҕа судаарыстыбаннай уларыта тутуу буола сыспыттаах. Эрдоган Мармаристан Стамбулга көтөн, бэрт кыранан өлөр өлүүттэн быыһаммытын туһунан киин бэчээккэ суруйаллар. Бу хамсааһыны тэрийиинэн АХШ дьарыктанна диэн Эрдоган Евросойууһу кытары сыһыанын буортулаан турар. Билигин да үгүс хамсааһыҥҥа, террористическэй атаакаларга Турция Американы буруйдуур. Ол эрээри Турция НАТО чилиэнэ буоларын умнар сатаммат.
“Арҕааҥҥы дойдулар Турцияны Арассыыйа утары туруора сатыыллар. Ол эрээри биһиги баарбыт тухары, сэриигэ киирэн биэриэхпит суоҕа. Биһиги Арассыыйа уонна Украина иккиэн биир остуол тула олорон эйэ-дэмнээхтик кэпсэтиэхтэрин баҕарабыт”, – диэн Арассыыйа уонна Украина сыһыаннарын туһунан эппитэ баар. Бу иннинэ Реджеп Тайип Эрдоган Арассыыйа туһунан: “Турция уонна Арассыыйа бэйэ-бэйэтин убаастаһар, эрэнсэр. Владимир Путинныын кытары үлэбит чиэһинэй”, – диэн этэн турар.
Манна даҕатан эттэххэ, Турция Арассыыйаны кытары кэлиҥҥи сылларга энэргиэтикэ, туризм, экэниэмикэ чааһыгар үлэтин хаҥатта. Муус устар 27 күнүгэр Турцияҕа атомнай электростанция арыллыахтаах. Бу ыстаансыйаны бүүс-бүтүннүү Арассыыйа тутан киллэрдэ. Онон Эрдоган да, Путин да кэлэр биэс сылга үлэлэрин хайысхатын уларытыахтарын баҕарбаттар.
Эрдогаҥҥа биир бастакынан утары турааччы хандьыдаатынан парламент дьокутаата, Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот баартыйатын салайааччыта, быыбарга алта баартыйа чиэһин көмүскүөхтээх Кемаль Кылычдароглу буолар. Кылычдароглу 1948 сыллаахха төрөөбүт. Билигин 75 саастаах. Үлэ, социальнай харыстабыл миниистирин солбуйааччынан ананан үлэлээбит. Ону сэргэ Үп министиэристибэтигэр, Казначействоҕа үлэлээбитэ биллэр. 2002, 2007 сыллардаахха Стамбултан парламент дьокутаатынан талыллыбыт. 2009 сыллаахха Стамбул баһылыгын быыбарыгар кыттан, 36,8 % куолаһы ылбыт. 2010 сылтан Норуот баартыйатын салайар. Бу баартыйаны бэйэтин кэмигэр Турция Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээбит Мустафа Кемаль Ататюрк тэрийбит буолан, олохтоохтор ытыктыыллар. Онон да Кылычдароглу куолаһы хайа баҕарар ылыан сөп. Кинини өссө дьон-сэргэ 2017 сыллааҕы референдум кэмигэр Төрүт Сокуоҥҥа уларытыылары киллэриини утарбыт дьокутаат быһыытынан билэллэр. Арассыыйаны, арҕааҥҥы дойдулары кытары сыһыанын туһунан эттэххэ, Кылычдароглу Арассыыйаны кытары үлэ дойду салайааччыларын таһымыгар буолбакка, институттарынан сайдан баран иһиэхтээх, Турция НАТО чилиэнин быһыытынан бэйэтин куолаһын иһитиннэриэхтээх диэн этиитин хаста да хатылаан турар. Онон сыаналаатахха, Кылычдароглу арҕааҥҥы дойдуларга сыстан биэриэх курдук.
Иккис бэлиитигинэн “Төрөөбүт дойду” баартыйа салайааччыта Мухаррем Индже кэлэр. Кини 2018 сыллаахха буолбут бэрэсидьиэн быыбарыгар кытта сылдьыбыта. Эрдоган кэнниттэн 30,64 бырыһыан куолаһы ылбыта. Парламеҥҥа дьокутаат быһыытынан терроризмы утары охсуһуу, учууталларга чэпчэтиини, биэнсийэлээхтэргэ социальнай төлөбүрү көрүү курдук боппуруостарга сокуон барылын киллэрбитэ биллэр. Мухаррем Инджени эспиэртэр Кылычдароглу туһатыгар бэйэтин кандидатуратын устунуоҕа диэн сылыктаабыттара да, билиҥҥитэ агитацияны күүстээхтик ыыта сылдьар. Индже Арассыыйа уонна Украина сыһыаныгар Турция биир сүрүн оруолу ылар уонна салгыы да бу хайысханан үлэлиэҕэ диэн этэр.
Уонна төрдүс хандьыдаатынан Азербайджантан төрүттээх бэлиитик Синан Оган буолар. Кини Москватааҕы судаарыстыбаннай университекка докторскай диссертациятын көмүскээбит. Нууччалыы сүрдээх үчүгэйдик билэр. 2004 сылтан Норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан уонна стратегическэй чинчийии киинин тэрийбит. Парламеҥҥа Национальнай хамсааһын баартыйатыттан дьокутааттыы сылдьыбыт. Ол эрээри 2017 сыллаахха баартыйаттан уһуллубут. Тас дойдулары кытары хайдах-туох үлэлэһиэҕэй диир буоллахха, Оган “Америка да, Кытай да буолбатах, барыта Турция норуотун туһугар” диэн луоһунуттан да көрдөххө, биир сүрүн хоруйа суох.
Көстөрүн курдук, барыта эриэ-дэхси буолбатах. Политологтар быыбарга сүрүн киирсии Эрдоган уонна Кылычдароглу икки ардыгар барыаҕа диэн этэллэр. Ол эрээри норуот хайаларын да талбакка, үһүс киһини өрө анньан таһаарыан эмиэ сөп. Эбэтэр быыбар иккис түһүмэҕэ буолар кутталлаах. Биир өттүнэн, Эрдоган бу уонча сыл устата дойду экэниэмикэтин таһаарбытын хайдах да гыммыт иһин мэлдьэһэр табыллыбат. Атомнай ыстаансыйа үлэҕэ киирээри турар, дойду ньиэп хостооһунугар саҥа чинчийиилэри оҥорон бүттэ, уотунан барар массыынатын оҥорон таһаарда, о.д.а. ыйыахха сөп. Ону сэргэ норуот бүттүүн куоластаан бэрэсидьиэнин таларыгар бу уонча сыл иһигэр номнуо үөрэннэ.
Оппозиция биир үксүн дойдуну парламент салайыахтаах диэн этэрин норуот ылыммат. Иккиһинэн, олунньуга буолбут сир хамсааһына Турция олохтоохторугар улаханнык дьайда. Бу эмиэ икки өрүттээх буолуон сөп. Ханнык баҕарар алдьархай норуоту сомоҕолуур, иккис өттүнэн, манна дойду туох баар “ыарыыта” барыта көбөн тахсар. Ону эмтии охсор дэбигис кыаллыбат. Итинэн оппозиция быыбарга күүскэ туһаныан сөп.
Быйыл Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтигэр Си Цзиньпин кыайда. Онон Арассыыйа илиҥҥи кыната кэлэр биэс сылга бөҕөргөөтө. Аны билигин Турция быыбарыттан иккис кынатын дьылҕата биллиэҕэ.
Тохсунньуга сааһы уонна сайыны билгэлииллэр. Тымныы буоллаҕына, сөрүүн буолар. Сылаас буоллаҕына, сайын куйаас буолар. Тохсунньу ыйы…
Эдьигээн улууһугар Бэстээх сэлиэнньэтигэр хочуолунай умайбыта. Билигин онно уотунан ититиини холбууллар. Бу туһунан СӨ Бырабыыталыстыбатын…
"Улуу ойуун күүһэ биэс үйэ өһүллүбэт" дииллэр эбит. Чачыгыр Таас Ойуун 1500-1600 сс. кэмҥэ, олорон ааспыт…
Ороһуоспа алыптаах күннэригэр эһигини СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр күүтэллэр. Тохсунньу 3, 4, 5 уонна 6…
Саха сиригэр Дьиэ кэргэн уонна Оҕо саас сылларыгар 10721 оҕо күн сирин көрбүт: 5443 уол,…
Оскуола агролабораториятыттан репортаж. Кыһыҥҥҥы суолунан командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ массыынатынан Хатаһынан түһэн, Эбэбитин…