Ыам ыйыгар үс улууска ойууру чөлүгэр түһэрэр үлэ саҕаланыаҕа
Экология министиэристибэтигэр Үөһээ Бүлүү, Мииринэй уонна Нам улуустарыттан ойууру чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытар былааннаахтарын туһунан 37 сайабылыанньа киирдэ.
«Саха сиригэр улахан суолталаах боппуруостартан биирдэстэринэн ойууру чөлүгэр түһэрии буолар. Бу кыһалҕа уонунан сылларга быһаарыллыбатаҕа, ойуурдар баһаар кэнниттэн бэйэлэрэ оһоруналлара. Билигин бу боппуруоска эрэгийиэҥҥэ улахан болҕомто ууруллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ ойууру чөлүгэр түһэрии үлэтин кээмэйэ сылтан сыл аайы улаатар”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.
Ол курдук, быйыл уопсайа 180 тыһыынча гааҕа ойууру чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыахтара.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи Экология министиэристибэтэ ойууру чөлүгэр түһэрэргэ ойуур сокуонун ирдэбиллэрин кэспит дьону административнай эппиэтинэскэ тардыы үлэтин салгыыр.
Саха сиригэр сыл аайы эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах аахсыйалар ыытыллаллар. Ойууру чөлүгэр түһэрэр киэҥ хабааннаах дьаһаллартан биирдэстэринэн “Өйдөбүнньүк саада” аан дойдутааҕы аахсыйа буолар. Ол эбэтэр, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүттэр өйдөбүнньүктэригэр саас маһы олордуу уонна баһаартан эмсэҕэлээбит ойууру чөлүгэр түһэрэргэ “Ойууру харыстыыбыт” Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа.
Быйыл дойдуга ойууру чөлүгэр түһэрии уонна сиэмэни ыһан маһы олордуу үлэтэ 1,4 мөлүйүөн гаа сиргэ былааннанар. Ордук Красноярскай кыраайга, Иркутскай, Вологодскай, Архангельскай уобаластарга уонна Саха сиригэр элбэх сири чөлүгэр түһэриэхтэрэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: