Ыам ыйыгар үс улууска ойууру чөлүгэр түһэрэр үлэ саҕаланыаҕа

Share

 Экология министиэристибэтигэр Үөһээ Бүлүү, Мииринэй уонна Нам улуустарыттан ойууру чөлүгэр түһэрэр үлэни  ыытар былааннаахтарын туһунан 37 сайабылыанньа киирдэ.

«Саха сиригэр  улахан суолталаах боппуруостартан биирдэстэринэн ойууру чөлүгэр түһэрии буолар. Бу кыһалҕа уонунан сылларга быһаарыллыбатаҕа, ойуурдар баһаар кэнниттэн бэйэлэрэ оһоруналлара. Билигин бу боппуруоска эрэгийиэҥҥэ улахан болҕомто ууруллар. Өрөспүүбүлүкэҕэ  ойууру чөлүгэр түһэрии үлэтин  кээмэйэ сылтан сыл аайы улаатар”, — диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээн эттэ.

Ол курдук, быйыл  уопсайа 180 тыһыынча гааҕа ойууру чөлүгэр түһэрэр үлэни ыытыахтара.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Экология министиэристибэтэ ойууру чөлүгэр  түһэрэргэ  ойуур сокуонун ирдэбиллэрин кэспит дьону административнай эппиэтинэскэ тардыы үлэтин  салгыыр.

Саха сиригэр сыл аайы эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах аахсыйалар ыытыллаллар. Ойууру чөлүгэр түһэрэр киэҥ хабааннаах дьаһаллартан биирдэстэринэн “Өйдөбүнньүк саада” аан дойдутааҕы аахсыйа буолар. Ол эбэтэр,  Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүттэр өйдөбүнньүктэригэр саас маһы олордуу уонна баһаартан эмсэҕэлээбит ойууру чөлүгэр түһэрэргэ “Ойууру харыстыыбыт”  Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйа.

Быйыл дойдуга  ойууру чөлүгэр түһэрии уонна сиэмэни  ыһан маһы олордуу үлэтэ  1,4 мөлүйүөн гаа сиргэ былааннанар. Ордук Красноярскай кыраайга,  Иркутскай, Вологодскай, Архангельскай уобаластарга уонна Саха сиригэр элбэх сири чөлүгэр түһэриэхтэрэ.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Инбэлииттэргэ уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмө миэрэлэрэ

Инбэлииттэргэ уонна инбэлиит оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ араас өрүттээх көмө оҥоһуллар. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга …

15 минут ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Киһини өлөрөн, 7 сылга хаайылынна

Дьокуускай куорат борокуратуурата 35 саастаах киһи холуобунай дьыалатыгар судаарыстыбаннай буруйдааһыны өйөөтө. Бу сууттаммыт киһи өлөрүүгэ…

49 минут ago
  • Сонуннар

Муниципальнай тэриллиилэр бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн Дьокуускай куоракка Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын III сийиэһэ саҕаланна. Сийиэс икки…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба
  • Үөрэх

2026-2027 үөрэх дьылыгар үрдүк үөрэххэ туттарсыы алын баалын бигэргэттилэр

РФ билимин, үрдүк үөрэҕин министиэристибэтэ 2026-2027 үөрэх дьылыгар министиэристибэ иһинэн үлэлиир үрдүк үөрэх кыһаларыгар тутарсарга,…

2 часа ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Оҕобун уорбуттар» диэн федеральнай ханаалга кэпсээтэ

Федеральнай ханаал бырагырааматыгар Саха сиригэр олорор дьахтар төрүүр дьиэҕэ оҕотун уорбуттарын туһунан кэпсээтэ. Бу түмүгүнэн…

2 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Ахсынньытааҕы «Чолбон»: Дьоллоох Дьокуускай Саҥа дьыллааҕы кэпсээннэрэ, Николай Неустроев уонна Низами Гянджеви

- «Улуу Кыайыы айымньылара » рубрикаҕа сэрии дьон дьылҕатынан оонньуурун туһунан Прокопий Чуукаар «Дьол хараҕын…

2 часа ago