Ыам ыйын 1 күнүгэр күн-дьыл туруга

Share

Сааспыт кэлэн, халлаан сылыйан, күммүт чэмэлийэн, дьон-сэргэ таһырдьаттан киирбэт буолла.

Аны ыам ыйын бырааһынньыктара тиийэн кэлэннэр, дьаарбайыан, таһырдьа үлэлиэн, бултуон-алтыан баҕалаахха дьоһун күннэр үүннүлэр.

Күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа ыам ыйын 1 күнүгэр үтүөнү эрэ билгэлиир. Ол курдук, Саха сирин бары өттүгэр метеорологическай быһыы-майгы бигэ туруктааҕын этэр.

Ыам ыйын 1 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр сөҥүү түһүө, кыра тыаллаах, оттон Анаабыр, Булуҥ улуустарыгар 15-19 м/с тиийэ тыаллаах буолуо. Салгын температурата түүн 0,-5°, халлаан дьайҕарыыта -5-10°, хотооллорго уонна хоту диэки -10-15°, күнүһүн +9+14° тиийиэ.

Бүгүн, муус устар 30 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр -13 +18°, хоту -2,+3°, арҕаа сөҥүү түһэр кэмигэр соҕуруу +3 +8° буолуон сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ буруйу оҥоруу 10 түбэлтэтэ бэлиэтэнэн, СӨ Борокуратууратын хонтуруолугар ылылынна. Ол курдук Нерюнгри…

3 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Маймаҕаҕа түөрт кыбартыыралаах дьиэ үлэҕэ киирдэ

Нам улууһун Маймаҕа нэһилиэгэр «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан 4 кыбартыыралаах дьиэ…

22 минуты ago
  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

«Саҥа дьыл кэлэн иһэрин һунтаардар абытайдык биллэрдибит быһыылаах…»

Сунтаарга быйылгы хаар оҥоһуктарбыт уран ууһа бэрт ураты буочардаах, дьээбэ урамньылаах буолла... Бу умсугутуулаах урамньыны…

1 час ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Халымаҕа 69 саастаах киһи ахсынньы ортотуттан сибээскэ тахса илик

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, Орто Халымаҕа 69 саастаах киһи сүппүт. Улуустааҕы биир кэлим диспетчерскэй сулууспаҕа…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүгүн сорох сиринэн -18-23°С кыраадыс буолуоҕа

Бүгүн, ахсынньы 27 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр сорох сиринэн хаар түһүөҕэ. Соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа уонна…

2 часа ago
  • Сонуннар

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьатыгар оскуола-саад үлэҕэ киирдэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Баҕадьа сэлиэнньэтигэр оскуола-саад үлэҕэ киирдэ. Бүгүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн тоҕус социальнай эбийиэк аһылынна.…

14 часов ago