Ыам ыйын 13 күнэ: Өрөспүүбүлүкэ өрүстэрин туруга
Өлүөнэ өрүс мууһа Ленскэй оройуонунан устар. Муус аллараа кырыыта Крестовскайтан 20 км сиргэ, онтон үөһээ кырыыта Витим таһынан устар.
Ленскэй гидропоһун таһынан суукка устата муус хамсыыра күүтүллэр. Ыам ыйын 16 — 17 күннэригэр Маача — Өлүөхүмэ — Саҥыйахтаах учаастагынан өрүс эстэрэ, ыам ыйын 14 — 15 күннэригэр Ленскэй — Ньүүйэ, ыам ыйын 15-16 күннэригэр Покровскай — Дьокуускай — Кангаласс учаастагынан устара сабаҕаланар.
Алдан өрүс. Элдьикээн гидропоһун таһынан өрүс мууһа хамсаата. Угино, Учур, Чагда таһынан муус устар.
Амма өрүс. Көмүөл Амма уонна Чурапчы улуустарынан устар. Аллараа кырыыта Чурапчы Мырылатыттан 5 км сиргэ, аллараа кырыыта Амма Чакырын таһынан устар.
Бүлүү өрүс. Муус аллараа кырыыта Мииринэй оройуонун таһынан баар. Өрүс устатын тухары уу таһыма үрдүү турар диэн @YakutiaOpershtab суһал ыстаап телеграм-ханаалыгар иһитиннэрдилэр.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: