Ыам ыйын 27 күнэ: этиҥнээх ардах, инчэҕэй хаар, +30 кыраадыс
27.05.2025, 07:00

Хаартыска: sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:
Бүгүн, ыам ыйын 27 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар этиҥнээх ардах, инчэҕэй хаар түһэрэ, итиэннэ +30 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Үгүс оройуоннарга сөҥүү түспэтэ сабаҕаланар. Өлүөнэ алын тардыытынан уонна хотугулуу-илин сорох сирдэринэн быстах ардыыра, инчҕэй хаар түһэрэ күүтүллэр. Күнүс Өлөөҥҥө, Мииринэйгэ, Алдаҥҥа быстах ардах, этиҥнээх ардах, оттон Арктика оройуоннарыгар инчэҕэй хаар түһүөҕэ диэн саайтка суруйаллар.
Анаабырга, Булуҥҥа сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Күнүс салгын температурата +20+25°С, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу +25+30°С, хотугулуу-илин +18+23°С, хотугулуу-арҕаа, Арктика кытылыгар +5+10°С буолуоҕа.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: