Ыам ыйын билгэтэ
Күүтүүлээх сааспыт ыам ыйын бастакы күнэ үүннэ. Бастакы кус кэлиитэ, бастакы күөххэ үктэнии — барыта «бастакы»…
Ыам ыйын күннэринэн билгэтэ:
Ыам ыйын 6 күнэ — Дьөгүөрэйэп. Бастакы кус кэлэр. От бытыгырыыр, сүөһү уостаан аһыыр.
Ыам ыйын 8 күнэ — ырыаһыт чыычаахтар тоҕо анньан көтөн кэлэр кэмнэрэ.
Ыам ыйын 12 күнэ — хаһыҥ түһүөн сөп.
Ыам ыйын 13 күнэ — киэһэлик ичигэс, уу-чуумпу. Бу күн сулустаах түүн буоллаҕына — ардаҕа суох сайын.
Ыам ыйын 14 күнэ — Дьэрэмэйэп күнэ. Үчүгэй күн буоллаҕына — күһүнэ өлгөм үүнүүлээх. Хаҕыс күн буоллаҕына, кыһына — тымныы.
Ыам ыйын 19 күнэ — бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүн элбэх оҕурсуну хомуйуоҥ.
Ыам ыйын 22 күнэ — сааскы Ньукуола. Кэҕэ этэр, сүөһү мэччийэн аһыыр. Сайыҥҥы хонук саҕаланар.
Ыам ыйын 26 күнэ – ыам бырдаҕа, хортуоппуйу олордуу кэмэ.
Ыам ыйын 28 күнэ — сылаас күн буоллаҕына, куйаас сайын. Ый туолуута. Сайылыкка көһүү кэмэ.
Ыам ыйын 28 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри – ыам собо кэмэ.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: