Хаартыска -- Елена Потоцкая
Ыам ыйа үүннэ. Бастакы кус кэлиитэ, бастакы күөххэ үктэнии — барыта «бастакы»…
Ыам ыйын күннэринэн билгэтэ:
Ыам ыйын 6 күнэ — Дьөгүөрэйэп. Бастакы кус кэлэр. От бытыгырыыр, сүөһү уостаан аһыыр.
Ыам ыйын 8 күнэ — ырыаһыт чыычаахтар тоҕо анньан көтөн кэлэр кэмнэрэ.
Ыам ыйын 12 күнэ — хаһыҥ түһүөн сөп.
Ыам ыйын 13 күнэ — киэһэлик ичигэс, уу-чуумпу. Бу күн сулустаах түүн буоллаҕына — ардаҕа суох сайын.
Ыам ыйын 14 күнэ — Дьэрэмэйэп күнэ. Үчүгэй күн буоллаҕына — күһүнэ өлгөм үүнүүлээх. Хаҕыс күн буоллаҕына, кыһына — тымныы.
Ыам ыйын 19 күнэ — бастакы сиик түһэр. Сиигэ элбэх буоллаҕына, күһүн элбэх оҕурсуну хомуйуоҥ.
Ыам ыйын 22 күнэ — сааскы Ньукуола. Кэҕэ этэр, сүөһү мэччийэн аһыыр. Сайыҥҥы хонук саҕаланар.
Ыам ыйын 26 күнэ – ыам бырдаҕа, хортуоппуйу олордуу кэмэ.
Ыам ыйын 28 күнэ — сылаас күн буоллаҕына, куйаас сайын. Ый туолуута. Сайылыкка көһүү кэмэ.
Ыам ыйын 28 күнүттэн бэс ыйын 4 күнүгэр диэри – ыам собо кэмэ.
Мэҥэ Хаҥалас оройуонун полицията уопсайа 13 мөл. солк. суумалаах кыһыл көмүһү тиэйэн испит тэрилтэ дириэктэрин…
“Өбүгэ ситимэ” норуот эмчиттэрин түмсүүтүгэр айылҕаттан айдарыылаах араас дьон баар. “Өбүгэ ситимэ” норуот эмчиттэрин түмсүүтүн…
Быйыл балаҕан ыйыгар аан маҥнай аһыллар, өрөспүүбүлүкэ биир элбэх үөрэнээччилээх, М.Е.Николаев аатын сүгэр Дьокуускай куорат…
Сибиирдээҕи федеральнай уокурук эрэгийиэннэригэр күүстээх сөҥүү түһүөҕэ, оттон Саха сиригэр хаһыҥ түһэрэ күүтүллэр. Бу туһунан…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун Ходоро нэһилиэгин Чүүйэ Эбэ алааһыгар "Ходуһа хоһууттара-2025" илии хотуурунан оту…
Бүлүү оройуоннааҕы суута улуус 20 саастаах олохтооҕо ааптар быраабын сокуону кэһэн туран туһаммытын иһин кинини…