Ыам ыйынааҕы дьүһүйүүлэр: чуурукта, хабдьы, бырдах…
Өймөкөөҥҥө саас кэлиитэ ураты алыптаах. Ол ону талааннаах худуоһунньук, фотограф Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ түһэрбит хаартыскаларыгар кэрэхсээҥ.
Өймөкөөҥҥө чуурукта хаар быыһыттан быган, номнуо тыллыбыт. Чуурукта — аан бастакы үүнэр, күүстээх от. Уһун кыһын кэнниттэн сылгы, таба, тайах, эһэ, бөрө бары бу оту сиэн, сэниэ киллэринэр эбиттэр. Дойду дьоно маннык от баарын, дьэ, биллэхпит.
Хабдьы хаар маҥан саҕынньаҕын уста да илик буоллар, харалдьык устун дьоһуннук хааман тоотолдьуйар, сайын иһэрин, ас-үөл элбиирин, оҕо-аймах ууһуурун сэрэйэн, сааскы үөрүүгэ кыттыһар. Оттон бырдахтар обургулар ким хайа иннинэ уһукта охсубуттар дуу?..
Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ улуус дьаһалтатын култуураҕа салаатыгар исписэлииһинэн үлэлиир. Хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыгырбыта быйыл лоп курдук 11 сыл буолла. Үксүн айылҕа кэрэ көстүүлэрин, дьыл кэмин уратыларын сөбүлээн түһэрэр.
Худуоһунньук идэлээх буолан, ураты кэрэни булан көрөр. Күн тахсыытын-киириитин, сиик түһүүтүн, кыыллар-көтөрдөр хамсаныыларын таба көрөн, сонордоһон, сыралаһан, күлүм түгэни хаартыскаҕа хатыырын сатыыр. Туһугар туспа умсулҕаннаах да, сыралаах да идэ буоллаҕа.
Төрөөбүт-үөскээбит сирэ Өймөкөөн — бэйэтэ да ураты кэрэ айылҕалаах, баай бултаах-алтаах дойду. Хаардаах төбөлөөх, хачыр таастаах хайалар, кылыгырас ыраас уулаах өрүстэр, нарын-намчы күөх ньургуһун тэлгэнэ үүнэр көнө-налыы хонуулара, кыһыннары тоҥмот, сир анныттан тахсар сылаас уулаах үрэхтэр – бу барыта Өймөкөөн.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: