“Ыам ыйынааҕы” ыйаахха хапсыбатах үлэһиттэр хамнастарын үрдэтиэхтэрэ

Share

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ  туһаайыытыгар эппит сорудаҕынан, дойду бэрэсидьиэнэ “ыам ыйынааҕы” ыйааҕар хапсыбатах кыра хамнастаах квалификациялаах 24 тыһыынча үлэһит хамнаһын үрдэтиэхтэрэ. Өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата маныаха баазовай уурааҕы ылыммыт.

Санатан эттэххэ, Айсен Николаев “ыам ыйынааҕы” ыйаахха хапсыбатах үлэһиттэр хамнастарын 2023 сыл бастакы кыбартаалыгар индексациялаан, үлэ төлөбүрүн алын кээмэйиттэн (МРОТ) намыһаҕа суох гына үрдэтэргэ (индексация) Бырабыыталыстыбаҕа сорудах биэрбитэ. Ону кытта тэҥҥэ, бүддьүөт эйгэтин квалификациялаах үлэһиттэрин туспа категориятын хамнаһын тэҥниир инниттэн эбии үбүлээһини көрөргө эппитэ.

Олунньуга өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбата РФ бэрэсидьиэнин “ыам ыйынааҕы” ыйааҕар быһаарыллыбыт үлэһиттэр хамнастарын төлөбүрүн пуондатын эбэр туһунан уурааҕы ылыммыта. Манна  бүддьүөт эйгэтин 54 тыһ. тахса үлэһитэ киирсэр, ол иһигэр учууталлар, иитээччилэр, педагогическай үлэһиттэр, үрдүк уонна орто үөрэх преподавателлэрэ, билим үлэһиттэрэ, быраастар, мэдиссиинэ орто уонна алын үлэһиттэрэ, социальнай уонна култуура эйгэтин үлэһиттэрэ хапсаллар.

“Саҥа уурааҕынан “ыам ыйынааҕы” ыйаахха хапсыбатах үлэһиттэр хамнастара эмиэ эбиллиэҕэ. Бу бэтэринээр, баһаарынай сулууспа, авиалесоохрана, социальнай көмүскэл эйгэтэ, экэнэмиис, буҕаалтыр, инженер, о.д.а. курдук бүддьүөт үлэһиттэрэ буолаллар. Бу сыалга анаан өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 1 млрд. солк. тахса үбү ыытыахтара”,— диэн Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов бэлиэтээтэ.

СӨ Бырабыыталыстыбатын 2023 сыл кулун тутар 10 күнүнээҕи 92-с нүөмэрдээх уурааҕын тиэкиһин сиһилии манна ааҕыахха сөп.

Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Аллараа Бэстээх сыанатын киин куораты кытта тэҥнээтэххэ…

Бу күннэргэ Саҥа дьыл сүпсүлгэнэ саҕаланаары турар буолан, ас ырыынактарыгар испииһэк тутуурдаах дьон үксээбит. Өрүс…

3 часа ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа сайаапкалары ылыы иккис түһүмэҕэ саҕаланна

“Дьоруойдар кэмнэрэ” бырагыраамаҕа кыттар сайаапкалары почтанан ылыы саҕаланна. Бу -- бырагыраама иккис түһүмэҕэ. Сайаапкалары билигин…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьоруой Федор Поповка пааматынньык туруоҕа

LETO куорат эйгэтин тупсаҕай оҥоруу киинэ Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов пааматынньыгын эскииһин оҥорууга күрэс…

3 часа ago
  • Сонуннар

Төрөөбүт, биһикпин ыйаабыт сирим — сүрэхпэр

Бу сыл ахсынньы 11 күнүгэр Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннас түмэлигэр киэн туттар биир дойдулаахпыт, комсомольскай,…

4 часа ago
  • Сонуннар

Соҕуруу дойду спортсменнара хаары уонна мууһу сонурҕуу көрдүлэр

Филиппиныттан уонна Таилантан ахсынньы 14 күнүгэр ыытыллар «Вызов Севера» күрэхтэһиигэ кыттар боксердар бүгүн Дьокуускайга  саамай…

4 часа ago
  • Сонуннар

«Забота» электроннай сервиһинэн 3474 киһи туһанна

Саха сиригэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анаан "Е-Якутия" порталга «Забота» электроннай…

5 часов ago