Яна Иванова: Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоро сынньаналларыгар улахан болҕомто ууруллар

Share

СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна Бырабыыталыстыбата анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын оҕолоругар өйөбүлү оҥорууга улахан болҕомтолорун уураллар. Маннык дьаһаллартан биирдэстэринэн оҕо лааҕырдарыгар босхо путевканы биэрии буолар. Бүгүҥҥү күҥҥэ 3000 тыһыынча сайабылыанньа киирбитэ биллэр.

«Оҕо сынньалаҥын кэмигэр муниципальнай оройуоннарынан уонна куораттааҕы уокуруктарынан 1000-тан тахса оҕо араас лааҕырдарынан сынньаныаҕа. Босхо путевкалар Дьокуускайга «Бэс чагда» уонна Сунтаар улууһугар «Сир уустара» сылы эргиччи үлэлиир чэбдигирдэр лааҕырдарга бэриллэллэр. Бу дьаһалынан оҕо олорор сириттэн Дьокуускайга диэри айан ороскуотун толуйууну мэктиэлиир», – диэн брифиҥҥэ «Бэс чагда» оҕолору сынньатар уонна чэбдигирдэр Киин дириэктэрэ Яна Иванова иһитиннэрдэ.

Ону таһынан билигин Хара уонна Япония муораларын лааҕырдарыгар путевкалары биэрии өттүгэр уларытыылары киллэрии үлэтэ бара турарын бэлиэтээтэ.

Элбэх өҥөнү оҥорор кииҥҥэ төрөппүттэртэн, сокуоннай бэрэстэбиитэллэртэн сайабылыанньалар ылыллар. Маны таһынан «Госуслуги» портал нөҥүө, ону таһынан кылаас салайааччытыгар эбэтэр оскуола дириэктэригэр биллэриэххэ сөп.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

9 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

10 часов ago