Яна Кудрявцева эдэр гимнастарга маастар-кылаас оҥоруо

Share

Олунньу 16 күнүттэн сылын аайы ыытыллар, күүтүүлээх «Муус устар 2024» бэстибээл саҕаланна.

«Муус устар 2024» бэстибээл кэскиллээҕи көҕүлүүргэ эдэр дьон энергиятын уһугуннарарга аналлаах.

Быйылгы бэстибээл хэдлайнерынан Олимпийскай оонньуулар үрүҥ көмүс призердара, уус-уран гимнастикаҕа аан дойду уон үс төгүллээх чөмпүйүөнэ Яна Кудрявцева буолар.
Олунньу 16 күнүгэр бэстибээл бырагырааматынан Дьокуускай куорат 39-с №-дээх оскуолатын саҥа саалатыгар Ньурба, Нерюнгри, Покровскай, Нам, Хатас уонна Дьокуускай эдэр гимнастарыгар Яна Кудрявцева маастар-кылаастары ыытыаҕа. Кыргыттар аатырбыт спортсменканы кытары кэпсэтиэхтэрэ уонна киниттэн автограф ылыахтарын сөп.

Өрөспүүбүлүкэ уус-уран гимнастикаҕа федерацията Саха сиригэр бу успуорт көрүҥүн сайыннарарга утумнаахтык уонна көхтөөхтүк үлэлиир. Оскуолаларга маннык аныгылыы элбэх хайысхалаах саалалар баар буолаллара кэрэхсэбиллээх. Федерация көҕүлээһиннэрин уонна саҕалааһыннарын оскуола салайааччылара уонна учууталлар өйүүллэрэ үөрдэр.

Олунньу 16 күнүгэр киэһэ өрөспүүбүлүкэ успуордун оскуолаларын уонна кулууптарын уус-уран гимнастиканан дьарыктанар 150 гимнастара «Либерти» уус-уран гимнастика кулуубун салайааччыта уонна тириэньэрэ туруорбут улахан кэнсиэригэр кыттыахтара. Александра Бронских, Яна Кудрявцева онно кыргыттары өйүөхтэрэ. Бу, биллэн турар, эдэр гимнастарга дьарыктанар баҕаларын көҕүлүүр күүһүнэн буолара саарбаҕа суох.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Үөрэх

Биэс “тоҕо?”: Сыымах оскуолатын холобура

Оскуола агролабораториятыттан репортаж Кыһыҥҥы суол аһыллан, илин эҥээр бастакы командировкабыт Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар туһаайылынна. Эрэдээксийэ…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Хаарбах, саахалланар туруктаах дьиэлэр аҕыйаатыннар

 “Кимиэхэ эрэ “Сулустаах” дьиэ, кимиэхэ эрэ...” диэн кыһалҕалаах дьиэлээх-уоттаах үс оҕолоох ийэ туһунан суруйбуппут. Бу…

1 час ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьиэ кэргэн сылын түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһин буолла

Ахсынньы 13 күнүгэр Дьокуускайга Ю.Гагарин аатынан Култуура киинигэр Дьиэ кэргэн сылын үөрүүлээхтик сабыы тэрээһинэ буолла.…

2 часа ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев гаас-мотуор уматыга тиийбэт балаһыанньата хатыламматыгар сорудахтаата

"ЯТЭК" ПАУо 2024 сылга үп-хаһаайыстыбаннай үлэтин уонна 2025 сыллааҕы былааннарын көрөр мунньахха Айсен Николаев Дьокуускайга…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Кэлэр сыллааҕы бүддьүөт уонна Арассыыйа ядернай бэлиитикэтэ

Дойдубут аҕа баһылыга Владимир Путин бу күннэргэ сылы түмүктүүр мунньахтарын ыыталыыр. Ахсынньы 10 күнүгэр Гражданскай…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Күн-дьыл туруга:  ахсынньы 14 күнэ

Бу күннэргэ күн-дьыл туруга хайдаҕый? Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр туох дииллэрий?  Ленскэй, Халыма-Индигиир улуустарыгар, күнүс Дьааҥыга…

3 часа ago