Яна Угарова түһүлгэтэ
“Ийэ тылбыт сарсын сүтэр дьылҕаланна” диэн долгуйууну кытта тэҥҥэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн дьон-сэргэ тыл туһугар хамсааһына саҥа таһымҥа таҕыста диэн бэлиэтиибин. Урукку өттүгэр үксэ ытык саастаах туруулаһааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ инники күөҥҥэ сылдьыбыт эбит буоллахтарына, билигин эдэр төрөппүттэр, саҥалыы өйдөөх-санаалаах ыччат дьон бу үлэни сүрүннээн эрэллэр.
Олортон биир сонун уонна кэскиллээх хамсааһыны, бэйэтэ этэринии, 50 сааһыгар диэри биирдэ да сахалыы саҥарбатах, нуучча эйгэлээхтэр ортолоругар биллэр улахан суруналыыс Яна Угарова көҕүлээтэ. Бу — нууччалыы иитиилээх сахаларбыт ийэ тылланар туһугар түмсүүлээхтик турунар хамсааһыннара. Кинилэр оҕо саастарыттан тастарыгар таһаарбакка хаайбыт санааларын дьэ этинэр, эттэринэн-хааннарынан билбит туруктарыттан төлө биэрэн тахсар суолу тутустулар. «Баҕар, эһиги күлүү гыныҥ, мөҕүҥ-этиҥ, биһиги сатаабат да буолларбыт, сахалыы саҥара сатыахпыт! Биһиги эмиэ сахаларбыт” диэн күөн этиилэрэ киһи сүрэҕин таарыйар.
Бу «Саха тыла 400» диэн ааттаах түмсүү тэрээһиннэрэ сонуннар, ыччаты тардар кэрэхсэбиллээхтэр. Ол да иһин буолуо, соторутааҕыта киин куоракка буолан ааспыт «Языковое пространство столицы Якутии” диэн форсайт-сессия олус сэргэхтик ааста.
Манна оннооҕор Москубаттан ВШЭ устудьуоннара уонна үөрэтээччилэрэ саха тылын туһунан этиилэрэ иһилиннэ!
Манна эдэр уонна саастарын ортотугар сылдьар биллэр-көстөр дьон, айар ыччат, кинилэр үөлээннээхтэрэ мэр Евгений Григорьев төрөөбүт тыл тула санааларын аһаҕастык үллэһиннилэр.
Кинилэр этиилэрин хас биирдии саха өйүгэр-сүрэҕэр тиэрдибит киһи дии саныыгын, биһиги олохпутугар чэбдик өй-санаа илэ-бааччы киирбитигэр итэҕэйэҕин, тылбыт уонна омукпут кэскилигэр эрэниэххин баҕараҕын.
Ааҕааччы! Эн эмиэ сахаҥ тылын быыһыырга турун, ол хапсыһыыны дьиэҥ иһиттэн, оҕоҕун, сиэҥҥин кытта кэпсэтииттэн саҕалаа!
Мөлтөхтүк да буоллар, сахалыы саҥара сатыыр дьоҥҥо өйөбүл буол.
Наталья МИХАЛЕВА-САЙА
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: