Ярыгин турнира: бэҕэһээ түөрт бөҕөспүт кииристэ….
Красноярскайга буола турар Иван Ярыгин кэриэһигэр ыытыллар көҥүл тустуу турнирыгар бэҕэһээ, тохсунньу 28 күнүгэр, Саха сириттэн түөрт бөҕөс киирсэн көрдө даҕаны өттүк хараламматыгар.
Арай дьахталларга биир тустуукпут салгыы кыттар быраабы ылла. 92 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Саха сирин бөҕөһө Никита Софронов Ханты-Мансийскайтан кэлбит тустуук Славик Наниевка (0:5 ) хоттордо. Бу бөҕөс салгыы Ньургун Сергинниин кииристэ. Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын хапытаана утарылаһааччытын кум-хам тутан кыайыыыны ситистэ. Бастаан икки очукуону ылбыта, оттон түмүгэр түөрт баалга»уурда». Ол эрээри, күүстээҕи күүстээх баһыйар диэн баар. Ньургун Сергин дагестанец Тажудин Мухтаровка баһыйтаран кэбистэ (3:6). 97 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Роман Дмитриев аатынан турнир бары мэтээллэрин призера Максим Толмачев кытынна. Бастакы эргииргэ былырыын ыытыллыбыт Дмитрий Миндиашвили аатынан турнирга бастаабыт Москваттан кэлбит Магомедарип Абдулхаликовы тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн кыайыыны ситистэ (7:5). Улахан утарсыылаах киирсии кини сэниэтин эспитэ чуолкай. Салгыы Жорик Дживоевка хоттордо. Хомойуох иһин, Мухтаров уонна Джиоев полуфиналга хотторуу хомолтотун билбиттэрин түмүгэр, биһиги бөҕөстөрбүт салгыы киирсэллэрэ тохтоото.
Дьахталларга 70 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа Саха сириттэн Лилиана Рожина кииристэ. Кини Монголия тустууга Бирмыы Очирбаттыын киирсэн, хотторуу хомолтотун биллэ. Лилиана Рожина бүгүн салгыы киирсэр, онно хоттоҕуна, үһүс миэстэни былдьаһыан сөп. Билиҥҥи туругунан Саха сирин хамаандата үс боруонса мэтээли мүччү тутта.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: