Ыарыһахха эйэҕэс сыһыаннаах балыыһа

Ыарыһахха эйэҕэс сыһыаннаах балыыһа

04.06.2023, 16:00
Хаартыска: ааптар түһэриилэрэ
Бөлөххө киир:

Дьокуускай куорат 3 нүөмэрдээх балыыһатын салаатыгар – Табаҕатааҕы быраас амбулаториятыгар үрдүк таһымнаах, үтүө санаалаах быраастар үлэлииллэрин, аныгы мэдиссиинискэй тэриллэринэн толору сэбилэммитин, ол да иһин, манна икки иккиһин-үсүһүн киирэн доруобуйаларын бөҕөргөтүөхтэрин баҕалаах элбэҕин туһунан элбэхтик иһиттим.

Айылҕабыт уһуктан, куорат киһитэ күөх дуолга дьулуһар кэмигэр Покровскайдыыр суолунан айаннаан, Табаҕаҕа тиийэн кэлбиппитин билбэккэ да хааллыбыт. Балыыһа дьиэтэ төһө да биир этээс­тээх буоллар, ыраахтан дьэндэйэн, “кылба­йан” көһүннэ. “Тыйаатыр таҥас ыйыыр сиртэн саҕаланар” дииллэринии, биһиги ханан да быыл да сыстыа суох айы­лаах, ып-­ыраас, сып-­сырдык дьиэ­ҕэ үрдүк кири­лиэһи даба­йан киирэн кэллибит. Баҕар, балыыһа буолан баран “стерильнэй” буолбакка диэххит да, тыа сирин усулуо­буйатыгар маннык балыыһа аһара элбэҕэ суох. Утуйар кэмҥэ кэлбит буолан эбитэ дуу, уу-чуумпу, кэбиниэттэргэ быраастар ку­­мааҕы үлэтин толоро олороллор, мэдиссиинискэй сиэстэ­рэлэр кэби­ниэттэригэр эмтэрин-томторун сааһылыыллар, остуолларын сууйаллар-сотоллор. Сотору укуолларын, эмтэрин туппутунан балааталарга эйэҕэстик мичээрдээбитинэн киирэн кэлиэхтэрэ…

Табаҕатааҕы быраас амбулаториятын сэбиэдиссэйэ Валентина Николаевна Матвеева төһө да халааҥҥа бэлэмнэнэн быстах кэмҥэ олорор пуун тэриллиитигэр түбүгүрэ сырыттар, болдьоспут кэммитигэр кэбиниэтигэр күүтэн олорор эбит.

КИМНЭЭХ ЭМТЭНЭЛЛЭР?

Табаҕатааҕы быраас амбулаториятын сытар балыыһатыгар эмтэниигэ суһаллык наадыйбыт ыарыһахтар буолбакка, ханнык эрэ дьарҕа ыарыытынан диспансер учуотугар турааччылар былаан быһыытынан сылга биирдэ киирэн, доруобуйаларын бөҕөргөтүнэллэр. Холобур, бронхиттаах, хаанын баттааһына уларыйа сылдьар, астмалаах, саахарынай диабеттаах, куртах баас­таах уо.д.а. дьон учаастактааҕы быраастарыттан направление ылан киирэллэр.

Валентина Николаевна этэринэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ковид кэнниттэн эмтэнээччини дириҥник көрөр диспансеризацияҕа ыытыы элбээбит. Ковидынан олус элбэх киһи ыалдьан, ол содула араас уорганнарыгар охсон, кинилэри сылга биирдэ-иккитэ ыҥыран көрөллөр. Организмнарыгар кыра да кэһиллии, улары­йыы баар буоллаҕына, салгыы доруобуйаларын чинчиттэрэ Дьокуускайга ыыталлар. Онно араас исписэлиистэргэ мэдиссиинискэй чинчи­йиигэ сылдьыбыттарын, анаалыс туттарбыттарын кэннэ куорат балыыһатын терапевт-бырааһа түмүк таһаарар. Онон, Табаҕа балыыһатыгар доруобуйаларын туруктарын бэрэбиэркэлэппит бэлэм дьон киирэн, манна тустаах эмтэниини ааһаллар.

Быраас амбулаториятын сытар балыыһата 10 куойкалаах. Ону таһынан, 3 куойкаҕа күнүс таһыттан кэлэн эмтэнэн бараллар (уопсайа 13 куойка).

Күнүскү стационарга сүрүннээн Табаҕа олохтоохторо эмтэнэллэр. Оттон балыыһатыгар табаҕалар да, куораттар да, улуустартан эмиэ кэлэн (учаастактааҕы быраастарыттан направление ылан) эмтэ­нэллэр.

Манна киирбит дьон мэдиссиинискэй ыстандаарт быһыытынан уопсайа уон хонук сытан доруобуйаларын чөлүгэр түһэ­рэллэр. Олох ыарахан ыарыһахтар 14 күн сытыахтарын сөп. Ол үрдүнэн, үчүгэй өттүгэр уларыйыы тахсыбатаҕына, атын анал балыыһаҕа ыыталлар (оннук түгэн сылга 1-2 эрэ буолуон сөп). Атын балыыһаҕа ыытыы сүрүн төрүөтүнэн Табаҕа олохтоохторо мэдис­сиинискэй чинчийиини ситэри ааспакка эрэ суһаллык ыалдьан киирбиттэриттэн буолуон сөп.

ЫАРАХАН ЫАРЫҺАХТАР ЭМИЭ БААЛЛАР

Үрүҥ халааттаах аанньал көрүүтүгэр-истиитигэр уонна олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга наадыйар ыарыһахтар эмиэ баар буолаллар. Кинилэр күннэрэ-дьыллара ааҕыллыбыт буолуон сөп. Ол эрэн, бу балыыһаҕа кинилэри олус үчүгэйдик көрөллөр-истэллэр, санааларын көтөҕөллөр, сүбэ-­ама биэрэллэр, симптоматичес­кай эмтэниини анаан, ыарыыларын чэпчэтэллэр. Кинилэргэ уйулҕа үлэһитин көмөтө эмиэ улахан оруолу ылар.

Кинилэри бэйэтэ туалет­таах, суунар-соттор сирдээх туспа “бокс” диэн балаатаҕа сытыараллар. Ыарахан ыарыһаҕы кытары чугас дьонноруттан сытыһыахтарын сөп. Онуоха кини уопсай бөҕөргөтөр терапия өҥөтүнэн туһаныан баҕарар буоллаҕына, доруобуйатын бэрэбиэркэ­лииллэр уонна эмтииллэр.

НЭҺИЛИЭННЬЭ АХСААНА ХАЛБАҤНЫЫР

Валентина Матвеева:

– Сытар балыыһабыт Хатас учаастактааҕы балыыһатын иһинэн үлэлиир. Табаҕа нэһилиэнньэтин ахсаана наһаа ­улааппат, сылтан сыл аҕыйаан иһэр. Онуоха уруккуттан олорбут дьон сорохторо соҕуруу дойдуларга көһөллөрө төрүөт буолуон сөп. Уопсайынан, Эргэ Табаҕа, Саҥа Табаҕа (олох­тоохтор ааттыылларынан) уонна Владимировка нэһилиэнньэтин мэдиссии­нискэй өҥөнөн хааччыйабыт.

Икки учаастакпытыгар терапевт уонна педиатр бы­­раастардаахпыт. Билигин нэһилиэнньэбит ахсаана сыһыарыллыбытынан 2103 буолла диибит эрээри, бырапыыската суох, дьиэ түүлэһэн олорор дьон өссө элбэх.

Биһиги балыыһабытыгар куораттан, чугастааҕы Хатастан кэлэн үлэлээччилэр бааллар. Мин “Тыа сирин эмчитэ” на­циональнай бырайыагынан үлэлии кэлэн баран, хантараагым бүппүтүн да иһин, үлэбин уонна кэлэктииппин сөбүлээн, үлэлии хаалбытым.

Терапевт-быраас Саина Егоровна Никитина эмиэ 2021 сылтан “Тыа сирин эмчитэ” бырайыагынан үлэлии кэлбитэ. Кини иннинэ Саргылаана Викторовна Карпова 5 сыл үлэлээн баран, куораттааҕы 3 нүөмэрдээх поликлиникаҕа барбыта. Педиатр быраас Лена Васильевна Максимова уонна биэлсэр-акушер пуунугар биэл­сэр Айталина Аркадьевна Малышева үрдүк таһымнаахтык үлэлии сылдьаллар.

Элбэх омуктаах кэлэк­тииппит дьоно: сиэстэрэлэрбит, санитаркаларбыт бары амарах дууһалаахтар, дьиҥнээх бэйэлэрин миэстэлэригэр сылдьар дьон. Саамай кырдьаҕаспыт, 75 саастаах үлэһиппит Татьяна Викторовна Соколова ыалдьыбыт, уоппускаҕа барар дьону барыларын солбу­йар, бэйэтэ биирдэ да больничнайга барбат. Кини би­­һиэхэ куруук үтүө холобурунан буолар. Тамара Алексеевна диэн эмиэ убаастанар үлэһиппит билигин биэнсийэҕэ олорор. Ыстаарсай сиэс­тэрэбит Татьяна Валерьевна Ефремова салалтатынан орто мэдиссиинискэй сүһүөх үлэһиттэрэ олус кыһамньылаахтык үлэлииллэр. Уопсайа 21 үлэһиттээхпит, кинилэр истэригэр сопхуос, учаастактааҕы сиэстэрэ, ре­гистратура үлэһитэ, акушерка уо.д.а. бааллар.

Эмчиттэрбит үтүө суобастаах үлэлэриттэн, аламаҕай сыһыаннарыттан, балыыһа мэдиссиинискэй сэбилэ­ниититтэн астынан, эмтэнээччилэрбит киирдилэр да киирэ туруохтарын баҕараллар. Уочараттаан, оннооҕор сылга иккитэ кэлэ сатыыллар. Ону сороҕор миэстэбит суох буолан аккаастыырга күһэллэбит.

Этэргэ дылы, ким туга ыалдьарын эндэппэккэ билэр буол­­лубут. Кэнникинэн бэйэ-бэйэбитигэр үөрэнсэн да хааллыбыт.

Ити курдук, куорат кытыы нэһилиэктэрэ доруобуйа харыс­табылыгар аналлаах быра­йыактарынан тутуллубут аныгы мэдиссиинискэй эби­йиэктэрдээх буоланнар, үксүгэр куоракка киирэ сатаабакка бэйэлэрин балыыһаларыгар көрдөрүнэн, эмтэнэн улаханнык абыраналлар. Нэдиэлэ сорох күннэригэр куорат балыыһатын «узкай» испи­сэлиистэрэ кэлэн көрөллөр, Туох-баар анаалыстары миэс­тэтигэр ылаллар уонна киин лабораторияҕа илдьэллэр. Биир нэһилиэккэ өр олорон нэмнэрин билсибит дьон балыыһаҕа киирэн тэһийбэт диэн тугун билбэттэр, биир дойдулаахтарын кытары көх-нэм буолан, настарыанньалара көтөҕүллэр, түргэнник үтүөрэллэр. Онуоха балыыһа үлэһиттэрэ кинилэргэ бэйэлэрин балтыларын, ­эдьиийдэрин, ийэлэрин да курдук буолан хаалалларыттан дьоллоноллор.

Манна сытан үйэлэрин уһаппыт дьон Табаҕа балыыһатыгар «Үрдүк култууралаах кэлэктиип» ааты иҥэрэр уолдьаспытын бэлиэтииллэр. Оттон кэлэктиип дьоно үлэҕэ-хамнас­ка кинилэри өйүүр, көмөлөһөр киһилэригэр – Дьокуускай куорат 3 №-дээх поликлиникатын кылаабынай бырааһа Светлана Николаевна Давыдоваҕа махтаналлар. Табаҕа саҥа мэдиссиинискэй эбийиэктэрэ кини дьаныардаах туруорсуутунан тутуллубуттара.

БЫРААС ВАЛЕНТИНА МАТВЕЕВА СҮБЭТЭ:

Кэнники кэмҥэ сүрэх-тымыр ыарыыта үксээтэ. Ити чуолаан коронавируһунан ыалдьыбыт дьоҥҥо көстөр. Тоҕо диэтэххэ, ковид киһи хаанын хойуннарар содула элбэх.
Аныгы үйэ дьоно олохпут тэтимэ түргэнэ бэрдиттэн үксүгэр стресскэ сылдьабыт. Аны билигин мобилизация дьону ай­маата. Итинник тас эйгэттэн доруобуйаҕа, киһи уопсай туругар быһаччы дьайар көстүү элбэх.

Киһи бэйэтин доруобу­йатын көрүнэ сылдьыахтаах. Аныгы үйэ киһитэ аһын-үөлүн көрүммэт, элбэхтик хамсаммат, үксүн олорон үлэлиир. Ити барыта үгүс ыарыы төрдө буоларын өйдүөхтээхпит. Ол иһин чөл, актыыбынай олоҕу күүскэ көҕүлүөхпүтүн наада. Ыһыктынан кэбиспит, олоххо интэриэстэрэ сүппүт дьон ыарыыга түргэнник ылларар. Оттон тыҥалара, бэл, 100% сиэммит дьон олоххо тапталлара күүстээх буолан, оттон-мастан тардыһан, тыыннаах хаалаллар, киһи буолаллар эбит.

Табаҕа сэлиэнньэтигэр учаастактааҕы балыыһа 1969 сыллаахха тэриллибитэ. Онтон үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн сылыгар, 2019 сыллаахха “Бастакы сүһүөх мэдиссиинискэй-санитарнай көмөнү сайыннарыы” эрэгийиэннээҕи бырагыраама чэрчитинэн саҥа дьиэлэнэн, үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта. Бу иннинэ 1989 сыллаахха тутуллубут, хайыы үйэҕэ эмэҕирбит, эргэ дьиэҕэ үлэлээн олорбуттара. 2020 сыл тохсунньутугар Эргэ Табаҕаҕа биэлсэр-акушер пууна аһыллыбыта. Онон, билигин Табаҕа мэдиссиинискэй тэрилтэлэрэ бары аныгылыы тутуулаах сабыс саҥа дьиэҕэ үлэлииллэр.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
23 ноября
  • -25°C
  • Ощущается: -32°Влажность: 77% Скорость ветра: 2 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: