Дьокуускай куорат 3 нүөмэрдээх балыыһатын салаатыгар – Табаҕатааҕы быраас амбулаториятыгар үрдүк таһымнаах, үтүө санаалаах быраастар үлэлииллэрин, аныгы мэдиссиинискэй тэриллэринэн толору сэбилэммитин, ол да иһин, манна икки иккиһин-үсүһүн киирэн доруобуйаларын бөҕөргөтүөхтэрин баҕалаах элбэҕин туһунан элбэхтик иһиттим.
Айылҕабыт уһуктан, куорат киһитэ күөх дуолга дьулуһар кэмигэр Покровскайдыыр суолунан айаннаан, Табаҕаҕа тиийэн кэлбиппитин билбэккэ да хааллыбыт. Балыыһа дьиэтэ төһө да биир этээстээх буоллар, ыраахтан дьэндэйэн, “кылбайан” көһүннэ. “Тыйаатыр таҥас ыйыыр сиртэн саҕаланар” дииллэринии, биһиги ханан да быыл да сыстыа суох айылаах, ып-ыраас, сып-сырдык дьиэҕэ үрдүк кирилиэһи дабайан киирэн кэллибит. Баҕар, балыыһа буолан баран “стерильнэй” буолбакка диэххит да, тыа сирин усулуобуйатыгар маннык балыыһа аһара элбэҕэ суох. Утуйар кэмҥэ кэлбит буолан эбитэ дуу, уу-чуумпу, кэбиниэттэргэ быраастар кумааҕы үлэтин толоро олороллор, мэдиссиинискэй сиэстэрэлэр кэбиниэттэригэр эмтэрин-томторун сааһылыыллар, остуолларын сууйаллар-сотоллор. Сотору укуолларын, эмтэрин туппутунан балааталарга эйэҕэстик мичээрдээбитинэн киирэн кэлиэхтэрэ…
Табаҕатааҕы быраас амбулаториятын сэбиэдиссэйэ Валентина Николаевна Матвеева төһө да халааҥҥа бэлэмнэнэн быстах кэмҥэ олорор пуун тэриллиитигэр түбүгүрэ сырыттар, болдьоспут кэммитигэр кэбиниэтигэр күүтэн олорор эбит.
Табаҕатааҕы быраас амбулаториятын сытар балыыһатыгар эмтэниигэ суһаллык наадыйбыт ыарыһахтар буолбакка, ханнык эрэ дьарҕа ыарыытынан диспансер учуотугар турааччылар былаан быһыытынан сылга биирдэ киирэн, доруобуйаларын бөҕөргөтүнэллэр. Холобур, бронхиттаах, хаанын баттааһына уларыйа сылдьар, астмалаах, саахарынай диабеттаах, куртах баастаах уо.д.а. дьон учаастактааҕы быраастарыттан направление ылан киирэллэр.
Валентина Николаевна этэринэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ковид кэнниттэн эмтэнээччини дириҥник көрөр диспансеризацияҕа ыытыы элбээбит. Ковидынан олус элбэх киһи ыалдьан, ол содула араас уорганнарыгар охсон, кинилэри сылга биирдэ-иккитэ ыҥыран көрөллөр. Организмнарыгар кыра да кэһиллии, уларыйыы баар буоллаҕына, салгыы доруобуйаларын чинчиттэрэ Дьокуускайга ыыталлар. Онно араас исписэлиистэргэ мэдиссиинискэй чинчийиигэ сылдьыбыттарын, анаалыс туттарбыттарын кэннэ куорат балыыһатын терапевт-бырааһа түмүк таһаарар. Онон, Табаҕа балыыһатыгар доруобуйаларын туруктарын бэрэбиэркэлэппит бэлэм дьон киирэн, манна тустаах эмтэниини ааһаллар.
Быраас амбулаториятын сытар балыыһата 10 куойкалаах. Ону таһынан, 3 куойкаҕа күнүс таһыттан кэлэн эмтэнэн бараллар (уопсайа 13 куойка).
Күнүскү стационарга сүрүннээн Табаҕа олохтоохторо эмтэнэллэр. Оттон балыыһатыгар табаҕалар да, куораттар да, улуустартан эмиэ кэлэн (учаастактааҕы быраастарыттан направление ылан) эмтэнэллэр.
Манна киирбит дьон мэдиссиинискэй ыстандаарт быһыытынан уопсайа уон хонук сытан доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэллэр. Олох ыарахан ыарыһахтар 14 күн сытыахтарын сөп. Ол үрдүнэн, үчүгэй өттүгэр уларыйыы тахсыбатаҕына, атын анал балыыһаҕа ыыталлар (оннук түгэн сылга 1-2 эрэ буолуон сөп). Атын балыыһаҕа ыытыы сүрүн төрүөтүнэн Табаҕа олохтоохторо мэдиссиинискэй чинчийиини ситэри ааспакка эрэ суһаллык ыалдьан киирбиттэриттэн буолуон сөп.
ЫАРАХАН ЫАРЫҺАХТАР ЭМИЭ БААЛЛАР
Үрүҥ халааттаах аанньал көрүүтүгэр-истиитигэр уонна олоҕун хаачыстыбатын тупсарарга наадыйар ыарыһахтар эмиэ баар буолаллар. Кинилэр күннэрэ-дьыллара ааҕыллыбыт буолуон сөп. Ол эрэн, бу балыыһаҕа кинилэри олус үчүгэйдик көрөллөр-истэллэр, санааларын көтөҕөллөр, сүбэ-ама биэрэллэр, симптоматическай эмтэниини анаан, ыарыыларын чэпчэтэллэр. Кинилэргэ уйулҕа үлэһитин көмөтө эмиэ улахан оруолу ылар.
Кинилэри бэйэтэ туалеттаах, суунар-соттор сирдээх туспа “бокс” диэн балаатаҕа сытыараллар. Ыарахан ыарыһаҕы кытары чугас дьонноруттан сытыһыахтарын сөп. Онуоха кини уопсай бөҕөргөтөр терапия өҥөтүнэн туһаныан баҕарар буоллаҕына, доруобуйатын бэрэбиэркэлииллэр уонна эмтииллэр.
НЭҺИЛИЭННЬЭ АХСААНА ХАЛБАҤНЫЫР
Валентина Матвеева:
– Сытар балыыһабыт Хатас учаастактааҕы балыыһатын иһинэн үлэлиир. Табаҕа нэһилиэнньэтин ахсаана наһаа улааппат, сылтан сыл аҕыйаан иһэр. Онуоха уруккуттан олорбут дьон сорохторо соҕуруу дойдуларга көһөллөрө төрүөт буолуон сөп. Уопсайынан, Эргэ Табаҕа, Саҥа Табаҕа (олохтоохтор ааттыылларынан) уонна Владимировка нэһилиэнньэтин мэдиссиинискэй өҥөнөн хааччыйабыт.
Икки учаастакпытыгар терапевт уонна педиатр быраастардаахпыт. Билигин нэһилиэнньэбит ахсаана сыһыарыллыбытынан 2103 буолла диибит эрээри, бырапыыската суох, дьиэ түүлэһэн олорор дьон өссө элбэх.
Биһиги балыыһабытыгар куораттан, чугастааҕы Хатастан кэлэн үлэлээччилэр бааллар. Мин “Тыа сирин эмчитэ” национальнай бырайыагынан үлэлии кэлэн баран, хантараагым бүппүтүн да иһин, үлэбин уонна кэлэктииппин сөбүлээн, үлэлии хаалбытым.
Терапевт-быраас Саина Егоровна Никитина эмиэ 2021 сылтан “Тыа сирин эмчитэ” бырайыагынан үлэлии кэлбитэ. Кини иннинэ Саргылаана Викторовна Карпова 5 сыл үлэлээн баран, куораттааҕы 3 нүөмэрдээх поликлиникаҕа барбыта. Педиатр быраас Лена Васильевна Максимова уонна биэлсэр-акушер пуунугар биэлсэр Айталина Аркадьевна Малышева үрдүк таһымнаахтык үлэлии сылдьаллар.
Элбэх омуктаах кэлэктииппит дьоно: сиэстэрэлэрбит, санитаркаларбыт бары амарах дууһалаахтар, дьиҥнээх бэйэлэрин миэстэлэригэр сылдьар дьон. Саамай кырдьаҕаспыт, 75 саастаах үлэһиппит Татьяна Викторовна Соколова ыалдьыбыт, уоппускаҕа барар дьону барыларын солбуйар, бэйэтэ биирдэ да больничнайга барбат. Кини биһиэхэ куруук үтүө холобурунан буолар. Тамара Алексеевна диэн эмиэ убаастанар үлэһиппит билигин биэнсийэҕэ олорор. Ыстаарсай сиэстэрэбит Татьяна Валерьевна Ефремова салалтатынан орто мэдиссиинискэй сүһүөх үлэһиттэрэ олус кыһамньылаахтык үлэлииллэр. Уопсайа 21 үлэһиттээхпит, кинилэр истэригэр сопхуос, учаастактааҕы сиэстэрэ, регистратура үлэһитэ, акушерка уо.д.а. бааллар.
Эмчиттэрбит үтүө суобастаах үлэлэриттэн, аламаҕай сыһыаннарыттан, балыыһа мэдиссиинискэй сэбилэниититтэн астынан, эмтэнээччилэрбит киирдилэр да киирэ туруохтарын баҕараллар. Уочараттаан, оннооҕор сылга иккитэ кэлэ сатыыллар. Ону сороҕор миэстэбит суох буолан аккаастыырга күһэллэбит.
Этэргэ дылы, ким туга ыалдьарын эндэппэккэ билэр буоллубут. Кэнникинэн бэйэ-бэйэбитигэр үөрэнсэн да хааллыбыт.
Ити курдук, куорат кытыы нэһилиэктэрэ доруобуйа харыстабылыгар аналлаах бырайыактарынан тутуллубут аныгы мэдиссиинискэй эбийиэктэрдээх буоланнар, үксүгэр куоракка киирэ сатаабакка бэйэлэрин балыыһаларыгар көрдөрүнэн, эмтэнэн улаханнык абыраналлар. Нэдиэлэ сорох күннэригэр куорат балыыһатын «узкай» исписэлиистэрэ кэлэн көрөллөр, Туох-баар анаалыстары миэстэтигэр ылаллар уонна киин лабораторияҕа илдьэллэр. Биир нэһилиэккэ өр олорон нэмнэрин билсибит дьон балыыһаҕа киирэн тэһийбэт диэн тугун билбэттэр, биир дойдулаахтарын кытары көх-нэм буолан, настарыанньалара көтөҕүллэр, түргэнник үтүөрэллэр. Онуоха балыыһа үлэһиттэрэ кинилэргэ бэйэлэрин балтыларын, эдьиийдэрин, ийэлэрин да курдук буолан хаалалларыттан дьоллоноллор.
Манна сытан үйэлэрин уһаппыт дьон Табаҕа балыыһатыгар «Үрдүк култууралаах кэлэктиип» ааты иҥэрэр уолдьаспытын бэлиэтииллэр. Оттон кэлэктиип дьоно үлэҕэ-хамнаска кинилэри өйүүр, көмөлөһөр киһилэригэр – Дьокуускай куорат 3 №-дээх поликлиникатын кылаабынай бырааһа Светлана Николаевна Давыдоваҕа махтаналлар. Табаҕа саҥа мэдиссиинискэй эбийиэктэрэ кини дьаныардаах туруорсуутунан тутуллубуттара.
БЫРААС ВАЛЕНТИНА МАТВЕЕВА СҮБЭТЭ:
– Кэнники кэмҥэ сүрэх-тымыр ыарыыта үксээтэ. Ити чуолаан коронавируһунан ыалдьыбыт дьоҥҥо көстөр. Тоҕо диэтэххэ, ковид киһи хаанын хойуннарар содула элбэх.
Аныгы үйэ дьоно олохпут тэтимэ түргэнэ бэрдиттэн үксүгэр стресскэ сылдьабыт. Аны билигин мобилизация дьону аймаата. Итинник тас эйгэттэн доруобуйаҕа, киһи уопсай туругар быһаччы дьайар көстүү элбэх.
Киһи бэйэтин доруобуйатын көрүнэ сылдьыахтаах. Аныгы үйэ киһитэ аһын-үөлүн көрүммэт, элбэхтик хамсаммат, үксүн олорон үлэлиир. Ити барыта үгүс ыарыы төрдө буоларын өйдүөхтээхпит. Ол иһин чөл, актыыбынай олоҕу күүскэ көҕүлүөхпүтүн наада. Ыһыктынан кэбиспит, олоххо интэриэстэрэ сүппүт дьон ыарыыга түргэнник ылларар. Оттон тыҥалара, бэл, 100% сиэммит дьон олоххо тапталлара күүстээх буолан, оттон-мастан тардыһан, тыыннаах хаалаллар, киһи буолаллар эбит.
Табаҕа сэлиэнньэтигэр учаастактааҕы балыыһа 1969 сыллаахха тэриллибитэ. Онтон үйэ аҥаардаах үбүлүөйүн сылыгар, 2019 сыллаахха “Бастакы сүһүөх мэдиссиинискэй-санитарнай көмөнү сайыннарыы” эрэгийиэннээҕи бырагыраама чэрчитинэн саҥа дьиэлэнэн, үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыбыта. Бу иннинэ 1989 сыллаахха тутуллубут, хайыы үйэҕэ эмэҕирбит, эргэ дьиэҕэ үлэлээн олорбуттара. 2020 сыл тохсунньутугар Эргэ Табаҕаҕа биэлсэр-акушер пууна аһыллыбыта. Онон, билигин Табаҕа мэдиссиинискэй тэрилтэлэрэ бары аныгылыы тутуулаах сабыс саҥа дьиэҕэ үлэлииллэр.
Үөhээ Дьааҥы улууhугар Табалаахха оҕо уhуйааныгар "Аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар үгэстэригэр уhуйуу - төрөөбүт дойдуга…
Быйылгыттан Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев өйөбүлүнэн “Мин бастакы идэм” диэн үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин…
Быйыл балаҕан ыйын 3-6 күннэригэр диэри Владивосток куоракка Уһук Илиҥҥи экэнэмиичэскэй пуорум буолан ааспыта. Онно…
Бүтүн Арассыыйатааҕы "Родители онлайн" пуорумҥа кыттыы -- улахан чиэс... Өссө төрөппүт быһыытынан! Оҕону - төрөппүт…
Тыйыс тымныылаах, хахсаат тыаллаах Саха сиригэр ордук кыстыкка киирии үгүс кыһалҕалаах буолар. Тыал, сиик, онтон…
Дьуһуурунай борокуруор иһитиннэрбитинэн, ааспыт суукка устата эрэгийиэҥҥэ буруйу оҥоруу биэс түгэнэ бэлиэтэммит. Бу дьыалаларынан бэрэбиэркэлэр…