«Ыарыыны эмтиирдээҕэр сэрэтэр чэпчэки»

Share

Алтынньы ый Уус Алдан улууһун Оройуоннааҕы киин балыыһатын үлэһиттэригэр олус көдьүүстээхтик ааһан эрэр. 

Мэдиссиинэ үлэһиттэрэ ыарыһахтары эмтииллэрин сэргэ, улахан болҕомтолорун ыарыыны сэрэтиигэ уураллар. Улуус эмчиттэрэ улуу Гиппократ; «Ыарыыны эмтиирдээҕэр сэрэтэр чэпчэки» диэн этиитин толороллор.

Ый саҕаланыытыгар Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэригэр, эмиий араагын утары охсуһуу нэдиэлэтигэр уонна Сүрэх аан дойдутааҕы күнүгэр аналлаах аһаҕас аан күннэрин ыыттылар. Бу күннэргэ терапевт, эндокринолог, УЗИ, функциональнай диагностика, рентгенолог, офтальмолог, гинеколог быраастар, офтальмология кэбиниэтин биэлсэрэ, ыарыыны сэрэтии кэбиниэтин исписэлиистэрэ кытыннылар.
Кырдьаҕастар аан дойдутааҕы күннэригэр мэдиссиинэ үлэһиттэрэ дьиэлэринэн  сылдьан, доруобуйаларын бэриэбиэркэлээтилэр. Тоҕо диэтэххэ, хомойуох иһин, үгүстэр бэйэлэрэ балыыһаҕа кэлэр-барар кыахтара суох. Кинилэртэн хаан анаалыһын ыллылар, ЭКГ түһэрдилэр, хаан баттааһынын бэрэбиэркэлээтилэр уонна да атын наадалаах процедуралары оҥордулар.
Манна даҕатан эттэххэ, эмчиттэр көһө сылдьан үлэни куруук тэрийэллэр. Ону таһынан Аһаҕас аан күннэригэр поликлиникаҕа кырдьаҕастары ыҥырдылар. Бу күн исписэлиистэргэ көрдөрөргө эрдэттэн суруйтарар наадата суох, пааспардаах уонна полистаах эрэ кэлэллэр. Ону таһынан бу күн терапевт-быраас уонна да атын исписэлиистэр, мэдиссиинэ сиэстэрэлэрэ кырдьаҕастарга ыарыыны сэрэтиигэ аналлаах бэсиэдэлэри уонна лиэксийэлэри аахтылар. Барыта 103 киһи доруобуйатын көрдөрдө, кинилэртэн 13 киһи салгыы чинчийиигэ ыытылынна.


Кэрэ аҥаардар эмиий туругун чинчиттэрэллэрэ кэрэхсэбиллээх. Ол да иһин,  эмиий араагын утары охсуһуу нэдиэлэтэ улууска көхтөөхтүк ыытылынна. Ити күннэргэ быйыл ылыллыбыт аныгы сыыппаралаах маммографка көрдөрүнүллэр. Ону таһынан эмтэнээччилэр УЗИ-га түстүлэр. 28 дьахтар көрдөрүммүтүттэн 2 киһиэхэ эмиий ыарыыта булулунна. Билигин ыарыыны булар уонна эмтиир ньыма сайдар буолан, түөс уонна эмиий араага курдук ыарыылар эрдэ булуллахтарына  үчүгэйдик эмтэниллэллэр. Онон, ыарыыны сэрэтии улахан суолталаах.
Сүрэх аан дойдутааҕы күгүгэр анаммыт аахсыйа чэрчитинэн,  хаан баттааһыныгар аналлаах маастар-кылаастар ыытылыннылар, биэлсэр-акушер пууннарыгар аһаҕас аан күннэрэ ыытылыннылар. Сыл аайы ыытыллар маннык дьаһаллар соруктарынан сүрэх-тымыр систиэмэтин, ыарыы сибикилэрин, төрүөтүн уонна содулун туһунан нэһилиэнньэ билиитин үрдэтии буолар. Сүрүн болҕомто табахтааһын, арыгылааһын, элбэхтик  хамсаммат буолуу уонна сыыһа аһааһын курдук сүрэх-тымыр ыарыытыгар тириэрдэр куттал төрүөтүгэр ууруллар. Доруобуйа харыстабылын бүтүн аан дойдутааҕы тэрилтэтэ бигэргэтэринэн, сүрэх-тымыр ыарыытыттан эрдэ өлүү түбэлтэтин 80% ити үөһээ этиллибит дьаллыктарга ылларбатахха, сэрэтиэххэ сөп. Эмчиттэр нэһилиэнньэҕэ анаан оҥорор лиэксийэлэрэ уонна бэсиэдэлэрэ кинилэр доруобуйаларыгар туһалаах буоларыгар уонна чөл олоҕу тутуһалларыгар эрэнэбит.
Уус Алдан Оройуоннааҕы киин балыыһата баҕалаах дьону барыларан диспансеризацияҕа, ону сэргэ ФЛГ кэмигэр барарга ыҥырар.

(Уус Алдан Оройуоннааҕы киин балыыһатын пресс-сулууспатын матырыйаалынан)

What’s your Reaction?
+1
1
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

26 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

46 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Усуйаана улууһугар икки киһи сүппүт

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан  иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…

2 часа ago