«Я в тылу не останусь» диэн байыас Василий Даниловка анаммыт кинигэ сүрэхтэннэ

«Я в тылу не останусь» диэн байыас Василий Даниловка анаммыт кинигэ сүрэхтэннэ

23.11.2023, 12:31
Хаартыскаҕа Ульяна Захарова түһэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, «Сахамедиа» пресс-киинигэр, «Я в тылу не останусь» диэн байыаннай дьайыыга дьоруойдуу охтубут байыас Василий Данилов сырдык кэриэһигэр анаммыт кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.

Саҥа кинигэ туһунан байыас кэргэнэ Нарыйаана Данилова санаатын үллэһиннэ:

— Суруллубут суоруллубат диэн санааттан, кэргэним, аҕабыт аатын үйэтитэр соруктаах кинигэ таһаарыы туһунан толкуйдаабыппыт. Кинигэни судаарыстыба өйөбүлүнэн «Айар» кинигэ кыһата таһаарда. Биһиги кэргэмминээн Василийдыын Хабаровскайга уон сыл олорбут буоламмыт уонна кини аймахтара, доҕотторо нууччалыы саҥарар, нууччалыы эйгэлээх буоланнар кинигэбитин нууччалыы тылынан таһаардыбыт. Кинигэ ааптара Сергей Москвитин диэн Саха сириттэн төрүттээх Новосибирскайга олорор суруйааччы буолар. Кинигэ 3 тыһыынча ахсаанынан таҕыста. 1000 устууканы өрөспүүбүлүкэ оскуолаларыгар, улуус дьаһалталарыгар бэлэх уунуохпут. Онтон ордубута киэҥ эйгэҕэ атыыга тахсыаҕа. Түгэнинэн туһанан, бар дьоммор, кинигэ тахсыытыгар сүүрбүт-көппүт доҕотторбутугар, аймахтарбытыгар махтанабын!

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
24 ноября
  • -24°C
  • Ощущается: -24°Влажность: 77% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: