УГМС сэрэтэр: сорох улуустарынан тымныы силлиэ тыал түһэрэ сабаҕаланар
15.06.2025, 08:30

Хаартыска: куйаар аһаҕас ситимиттэн
Бөлөххө киир:
Бүгүн, бэс ыйын 15 күнүгэр, Кэбээйи, Эдьигээн улуустарыгар тыал күүһүрүөҕэ, сороҕор сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэҕэ тиийэ күүстээх, тымныы силлиэ тыал түһэрэ күүтүллэр.
Этиҥнээх ардах кэмигэр силлиэ тыал сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэҕэ диэри түргэннээх күүстээх буолуо: Ленскэй оройуон арҕаа өттүгэр, Алдан, Нерюнгри, Өймөкөөн, Томпо улуустарыгар.
Өймөкөөн, Томпо, Уус Маайа улуустарыгар күүстээх ардах түһэр, сөҥүүтэ 11 мм уонна онтон да элбэх буолуо.
ЫБММ сүбэлиир:
- Бары түннүктэри, ааннары ыпсары сабыҥ;
- Уокка холбонор ситимнэргэ, антеннаҕа чугаһаамаҥ;
- Ардах уута түһэр, мунньуллар сирдэрин бэлэмнээҥ;
- Болкуонтан, тиэргэнтэн тыал көтүтүөн сөптөөх бары малы-салы дьиэҕэ киллэриҥ.
Суһал көмө сулууспатын төлөпүөнэ – 112. Бу туһунан УГМС пресс-сулууспата суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: